Хой ♈️
Ким эрэ эн тускар олус элбэҕи оҥоро сылдьар, харда эппиэт оҥороргун умнума.
Оҕус ♉️
Дьылҕа бэлэҕэ эйиэхэ бу тигинээн иһэр, куоттарыма, түгэни мүччү тутума.
Игирэлэр ♊️
Эн бүгүҥҥү күнү олус да өр күүппүтүн, бүгүн олоххор суолталаах көрсүһүү буолуо.
Рак ♋️
Кэрэ кэм тапталтан саҕаланыа, олоҕуҥ саҥа үктэлигэр болҕойон тирэҥ.
Хахай ♌️
Тапталларын көрсө илик хахайдары бүгүн дьикти инникигэ кэскиллээх билсиһии күүтэр.
Кыыс ♍️
Өр кэм тухары кыһаллыбыт сырамньыҥ бэлиэтэниэ, иннигэр саҥа саҕахтары арыйыа.
Ыйааһын ♎️
Олох биэрэр түгэннэрин мүччү тутума, болҕомтолоох буол.
Скорпион ♏️
Чугас дьоҥҥор тугу эрэ бэлэх уунаргын толкуйдуур оруннаах.
Охчут ♐️
Эн дьоллоох буоларгар биир эрэ киһи буруйдаах.
Чубуку ♑️
Биир киһи эйиигин олус көрсүөн баҕарар, кинини кытары кэпсэтэн ылларгын кинини дьоллуоҥ аҕай этэ.
Күрүлгэн ♒️
Бу күннэргэ эн олоххор ураты суолталаах түгэн буолаары турар.
Балыктар ♓️
Суһал истиҥ иһитиннэрии истэн үөрүөҥ-көтүөҥ.
Аһаҕас источниктан.
This post was published on 25.07.2024 09:02 09:02