Бүгүн сыл ортото. Аан дойдуга спорт суруналыыһын күнэ бэлиэтэнэр.
1918 сыллаахха Верхоянскайга алдьархайдаах улахан угут буолбут. Дьон хайаларга күрээн быыһаммыттар, оттон дьиэ-уот, мал-сал барыта алдьаммыт, элбэх ынах-сүөһү өлбүт.
Бэлиэ күннэр:
- Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Өлүөнэ өрүс күнэ. 2013 сыллаахтан бэлиэтэнэр.
- Спорт суруналыыһын аан дойдутааҕы күнэ. Бу күн 1924 сыллаахха Спорт суруналыыстарын аан дойдутааҕы ассоциацията тэриллибит.
- Азербайдьан — Полиция үлэһиттэрин күнэ.
- Бразилия, Баия штаат — Штаат күнэ.
- Италия — Сиенатааҕы ат сүүрдүүтэ (Палио).
- Казахстан — Дипломат сулууспатын күнэ.
- Кюрасао — Былаах күнэ.
- Норвегия — Хоруол күнэ.
- Украина — Нолуок сулууспатын үлэһитин күнэ.
- Узбекистан — Узбекистан Өрөспүүбүлүкэтин дьаралыган ылыныы күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 1776 — Филадельфияҕа буолбут Континент иккис кэнгириэһэ Америка Британияттан арахсарын туһунан быһаарыныы ылыммыт. Ол эрээри билигин Тутулуга суох буолуу күнэ от ыйын 4 күнүгэр бэлиэтэнэр, ол күн Тутулуга суох буолуу Декларацията ылыныллыбыта.
- 1853 — Нуучча аармыйата туурактар баһылаан олорор Молдавияларыгар саба түһэр. Кырыым сэриитэ саҕаланар.
- 1860 — Владивосток куората олохтоммут.
- 1911 — Дүллүкү нэһилиэгэ Намтан арахсан туспа нэһилиэк буолбут. Бу нэһилиэктэр сирдэрэ Бүлүү өрүс нөҥүө-маҥаа өттүгэр сытар. Нэһилиэк бастакы кинээһинэн Иванов Николай Иванович (Маттаҥаа) талыллыбыта.
- 1918 — Дьааҥы улууһугар, чуолаан Верхоянскай куоратыгар, алдьархайдаах улахан угут буолбут. Дьон хайаларга күрээн быыһаммыттар, оттон дьиэ-уот, мал-сал барыта алдьаммыт, элбэх ынах-сүөһү өлбүт.
- 1969 — бэйиэт, публицист Сэргэй Борогонскай Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни туппут.
- 1976 — Соҕуруу уонна Хотугу Вьетнамнар холбоһон Вьетнам Социалистыы Өрөспүүбүлүкэтэ буолаллар.
- 1997 — Таиланд Баана бэйэтин валютатын бат куурсун көҥүл ыыппыт. Онтон сылтаан Азияҕа үп-харчы кризиһэ саҕаламмыта. Аан дойду экэниэмикэтэ барыта охсууну ылбыта, ол курдук эһиилигэр 1998 сыллаахха Арассыыйаҕа эмиэ экэниэмиэкэ кризиһэ буолбута.
- 2012 — Санкт-Петербург куоратыгар ЮНЕСКО Аан дойду Утумун кэмитиэтин 36-с сиэссийэтин түмүгүнэн Өлүөнэ туруук хайалара ЮНЕСКО Аан дойду Утумун тиһигэр киирбиттэрэ.
Төрөөбүттэр:
- 1937 — Татьяна Куприянова, норуот үөрэҕириитин туйгуна, “Дети Саха-Азия” стипендиата, Сунтаар улууһун, Элгээйи нэһилиэгин Ытык киһитэ.
- 1970 — Сардаана Авксентьева, Дьокуускай куоратын баһылыга.
- 1976 — Байбал Сэмэнэп, саха биллэр ырыаһыта, ырыа айааччыта, СӨ үтүөлээх артыыһа.
Өлбүттэр:
- 1778 — Жан-Жак Руссо, Франция уонна Швейцария бөлөһүөгэ.
- 1961 — Эрнест Хемингуэй, АХШ суруйааччыта, литэрэтиирэҕэ Нобель бириэмийэтин 1954 сыллааҕы лауреата.
- 1977 — Владимир Набоков, нууччалыы уонна ааҥыллыы айбыт суруйааччы.
This post was published on 02.07.2021 09:01 09:01