От ыйын 19 күнэ. Намтан төрүттээх саха худуоһунньуга Иннокентий Пестряков төрөөбүт күнэ - Бикипиэдьийэ

От ыйын 19 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 200-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 201-c күнэ). Сыл бүтүө 165 күн баар. Бу күн Нам улууһун Хатырыгыттан төрүттээх саха худуоһунньуга, Дьокуускай куорат былыргытын ойуулаан биллибит Иннокентий Пестряков төрөөбүт күнэ. Бастакы сэбиэскэй конституция РСФСР-га олоххо киирбит. 40 сыл анараа өттүгэр Москубаҕа XXII Олимпиада оонньуулара аһыллыбыттара. Бу туһунан Бикипиэдьийэ санатар. 


Түбэлтэлэр: 

  • 711— Вестготтар уонна Омейядтар аармыйаларын ыккардыгар Гвадалета таһыгар кыргыһыы буолбут. Бу кыргыһыыга араабтар кыайбыттар. Бу кэнниттэн вестготтар государстволара эстибит, Пиреней тумул арыытын араабтар сэриилээбиттэр уонна 800-чэ сыл тухары барбыт реконкиста саҕаламмыт.
  • 1265— 25-30 саастаах бэклэрбиэк Ноҕай салалталаах Алтан Ордуу сэриитэ Соҕуруу Кавказка сэриинэн тиийэн от ыйын 19 күнүгэр Хулагу сыдьааннарын сэриитигэр хотторбута. Бу кэнниттэн аҕыйах сылынан Алтан Ордууттан туспа баран, дьонун кытта Хара Байҕал хоту өттүгэр көспүтэ, Византияҕа суоһаабыта, Болгарияҕа дьайар кыахтаммыта.
  • 1696— Петр I салайааччылаах нуучча сэриитэ Азов диэн туурак кириэппэһин ылбыт. Арассыыйа Хара уонна Азов байҕалларыгар тахсыбыт.
  • 1859— Дьокуускайга Троица кафедралаах собуоругар аан бастаан саха тылынан литургия оҥоһуллубут.
  • 1870— Ватикааҥҥа баар Сибэтиэй бөрүстүөл римнээҕи папа айыыта суоҕун туһунан догмааты бигэргэппит.
  • 1918— бастакы сэбиэскэй конституция РСФСР-га олоххо киирбит.
  • 1949— Лаос Францияттан тутулуга суох буолбут.
  • 1979— Никарагуаҕа өрөбөлүүссүйэ буолбута. ССРС өйөөбүтэ.
  • 1980— Москубаҕа XXII Олимпиада оонньуулара аһыллыбыттар.
  • 1986— Ташкент телебашнятын туттарыгар МИ-8 бөртөлүөт иҥнэн саахалламмыт. Олорсон испит «Узбекфильм» киностудия устар бөлөҕүн дьоно өлбүттэр. Ол да буоллар бөртөлүөттэн уһуллубут кадрдар «Алмазный пояс» диэн киинэҕэ киирбиттэрэ.

Төрөөбүттэр:

Өлбүттэр:

  • 1851— Польша бэйиэтэ Томаш Зан.
  • 1990— сэбиэскэй артыыс Георгий Бурков.
  • 2009— Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү уордьанынан наҕараадаламмыт реставратор Савва Ямщиков.
  • 2013— Лейла Эрбиль (тур. Leylâ Erbil; 1931 төр.) — Туурсуйа биллэр аныгы суруйааччыта. Дойду дьахтар суруйааччыларыттан аан бастакынан Нобель бириэмийэтигэр түһэриллибитэ.

This post was published on 19.07.2020 09:39 09:39