От ыйын 15 күнэ диэн Грегориан халандаарыгар сыл 196-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 197-c күнэ). Сыл бүтүө 169 күн баар. 2004 сыллаахха бу күн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөйүн ырыата уонна былааҕа сокуонунан бигэргэтиллибиттэр. Өрөгөй ырыатын тылын Михаил Тимофеев, Савва Тарасов, муусукатын Кирилл Герасимов суруйбуттара.
Түбэлтэлэр:
- 1240 — Александр Невскэй новгородецтар уонна ладожаннар дружиналарынан түүн Ижора өрүс кытылыгар сынньана сыттахтарына саба түһэн үлтү сынньыбыт.
- 1410 — Тевтон уордьанын рыцардара Грюнвальдтааҕы кыргыһыыга Литва уонна Польша сэриилэригэр хотторбуттар.
- 1912 — «Якутская окраина» хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыт. Бу хаһыат 1916 сыллаахха дылы тахса сылдьыбыта.
- 1929 — «Якутстрой» тутар холбоһук тэриллибит.
- 1955 — В. Н. Щукин салайааччылаах геологтар этэрээттэрэ Удачнай кимберлит туруупкатын арыйбыт.
- 1968 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ балет артыыстарыгар Наталья Христофороваҕа уонна Алексей Поповка туттарыллыбыт.
- 1990 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бөрөсүүдьүмэ Нагорнай Карабах автономиялаах уобалаһыгар ыксаллаах быһыыны-майгыны биллэрбит.
- 1990 — Иһитиннэрэр-тарҕатар сириэстибэлэри ССКП хонтуруоллуура тохтуурун туһунан ССРС бэрэсидьиэнин ыйааҕа тахсыбыт.
- 2004 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөйүн ырыата уонна былааҕа сокуонунан бигэргэтиллибиттэр. Өрөгөй ырыатын тылын Михаил Тимофеев, Савва Тарасов, муусукатын Кирилл Герасимов суруйбуттара.
- 2009 — АЛРОСА бэрэсидьиэнинэн Федор Андреев буолбут.
Төрөөбүттэр:
- 1606 — Голландия худуоһунньуга Рембрандт.
- 1853 — саха олоҕун хоһуйбут нуучча суруйааччыта Владимир Короленко төрөөбүт.
- 1905 — Владимир Муратов, 1940—1943 сыллардаахха Саха АССР Совнаркомун бэрэстээтэлэ. Кураантан сылтаан сэрии сылларыгар хоргуйуу буолбутугар дьоҥҥо көмөнү сатаан тэрийбэтэҕин иһин Илья Винокуров кириитикэлээбитэ. Үлэтиттэн уһуллан өрөспүүбүлүкэ таһыгар көспүтэ.
- 1912 — эбэҥки дьахталларыттан бастакы учуонай Агния Романова төрөөбүт, педагогика билимин хандьыдаата.
- 1937 — Тит Романов — саха биллиилээх травматолог бырааһа.
- 1928 — Петр Афанасьев, саха түөлбэ тылларын чинчийбит учуонай, САССР норуотун үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, филология билимин хандьыдаата, доцент.
- 1930— Франция бөлөһүөгэ уонна литература теоретига Жак Деррида.
Өлбүттэр:
- 1904 — нуучча суруйааччыта Антон Чехов.
- 1916 — нуучча биолога уонна патолога Илья Мечников.
- 1948 — Сэһэн Боло — Дмитрий Иванович Дьячковскай, биллиилээх саха уоһун номоҕун хомуйааччыта, кыраайы үөрэтээччитэ.
- 1974 — Константин Чирков (1879 төр.) — «Абый улуу кырдьаҕаһа», «Эһэккэ», «Эһэккэбит» диэн ааттаммыт эмчит, ойуун.
- 1999 — Иннокентий Д. Корякин (1931 төр.) — саха живописеһа. «Дулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону иллюстрацияласпыт, Опера тыйаатырыгар фойе эркинин ойууласпыт худуоһунньук. Кыра уола Иннокентий эмиэ живописец, педагог.
- 2003 — Римма Гаврильева (06.05.1941 төр.) — биллиилээх искусствовед, саха таҥаһын чинчийээччи, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 2004 — Нагасаки куоракка атомнай буомбаны бырахпыт Америка лүөччүгэ Чарльз Суини.
This post was published on 15.07.2020 09:01 09:01