От ыйын 11 күнэ. Сир нэһилиэнньэтин күнэ - Бикипиэдьийэ

Америкаҕа аҥардас дьону өйүүр күн.

1933 сыллаахха наркотик хонтуруолугар дойдулар ыыкардыларынааҕы конвенция сокуоннай буолбут.

2000 сыллаахха Амма улууһугар СӨ бырабыыталыстыбатын уурааҕынан «Амма» диэн 735 430 га иэннээх эркээйи сир тэриллибит.


Бэлиэ күннэр:

Түбэлтэлэр:

  • 1302 — Фламандия үлэһит дьонун хомуур сэриитэ Франция аармыйатын кыайбыт.
  • 1405 — Кытай адмирала Чжэн Хе аатырбыт 7 эспэдииссийэтиттэн бастакытыгар туруммут. Кини улахан 30-ча тыһ. киһилээх эспэдииссийэлэрэ Соҕуруулуу-Илин Азия дойдуларыгар уонна Ииндийэ далайын кытылынан сылдьыбыттара. Чжэн Хе өлбүтүн кэннэ маннык эспэдииссийэлэр хатыламматахтара эрээри Соҕуруулуу-Илин Азияҕа кытайдар киэҥник олохсуйууларыгар суол аһыллыбыта.
  • 1851 — Саха уобалаһа Иркутскай күбүөрүнэттэн араарылларын туһунан быһаарыныы ылыныллыбыт: «Саха уобалаһын салайыы туһунан» балаһыанньа бигэргэммит. Онон 1852 сыл тохсунньу 13 (урукку истиилинэн тохсунньу 1) күнүттэн Саха сирэ Илин Сибиир күбүрүнээтэристибэтигэр күбүөрүнэ бырааптах туспа уобалас (самостоятельная область на правах губернии) буолбут.
  • 1913 — Саха уобалаһын күбүрүнээтэринэн 1907 сыллаахтан олорбут Иван Крафт уурайан эрэринэн, Дьокуускай куорат дуумата киниэхэ бочуоттаах гражданин аатын иҥэрбит.
  • 1918 — Иркутскай чехословактар илиилэригэр киирбитэ, ити кэнниттэн үрүҥ гвардеецтар Уус-Куту, Киренскэйи ылбыттара. Салгыы Саха сирэ барыта саҥа былааска бэриммитэ. Өрөбөлүүссүйэ кыттыылаахтара (ол иһигэр хомуньуустар) тутуллан сорохторо Иркутскайга хаайыыга утаарыллыбыттара.
  • 1921 — Монгуол норуотун аармыйата Кыһыл Аармыйа көмөтүнэн Кытай оккупааннарын уонна нуучча үрүҥнэрин кыайан Монголияҕа былааһы ылбыт.
  • 1922 — атыыһыт Петр Кушнарев Чурапчыга ыстааптанан олорор ВЯОНУ бэрэссэдээтэлэ, Саха уобалаһын салайааччытыгар Петр Куликовскайга Эмиэрикэттэн суругар Саха сирин уопсастыбаннаһын көрдөһүүтүн толорон үбүнэн көмөлөһүөх буолбут.
  • 1933 — Наркотик хонтуруолугар дойдулар ыыкардыларынааҕы конвенция сокуоннай буолбут. Кэлин 1961 сыллаахха ХНТ кэмпириэнсийэтигэр Наркотиктарга биир кэлим конвенциянан солбуллубута.
  • 1947 — Алдан уокуруга ликвидацияламмыт.
  • 1946 — ССРС-ка бастакы, аан дойдуга иккис Саратов — Москуба магистральнай газопровод үлэҕэ киирбит. Манан Москубаҕа кэлбит гаас икки электростанцияҕа оттук буолбута.
  • 2000 — Амма улууһугар СӨ бырабыыталыстыбатын уураҕынан «Амма» диэн 735 430 га иэннээх эркээйи сир (нууч. ресурсный резерват) тэриллибит.

Төрөөбүттэр:

  • 1873 сыллаахха урукку ааҕыыннан бэс ыйын 29 күнүгэр (аныгыннан от ыйын 11 күнүгэр) Дьокуускайга нуучча хаһаагын дьиэ кэргэнигэр Пётр Староватов төрөөбүт. Бу киһи Бүлүүгэ учууталлыы олорон 1928 сыллаахха Сэбиэскэй Сойууска бастакы 4 Үлэ дьоруойдарыттан биирдэстэрэ буолбута.
  • 1915 — Петр Решетников (1960 өлб.) — Саха тыйаатырын артыыһа, киинэ артыыһа, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
  • 1937 — Михаил Хатылаев — устуоруйа доктора, профессор.
  • 1939 — Игорь Литвинов — СӨ үтүөлээх артыыһа, концертмейстер.

Өлбүттэр:

This post was published on 11.07.2021 11:15 11:15