Россияҕа федеральнайдааҕы уонна регионнааҕы миэрэлэри биэриигэ, эбии докумуон хомуйсуута суох, элбэх оҕолоох ыаллары учуоттуурга реестр от ыйын 1 күнүттэн үлэтин саҕалаата.
РФ социальнай харысхалын миниистирэ Антон Котяков эппитинэн, реестр элбэх оҕолоох ыалларга преференциялары оҥорор атын тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлииргэ туһалыаҕа. Онон РФ үлэҕэ министиэристибэтэ эбии сервис биэрэр, информацияны түргэнник ылыыга.
«От ыйын 1 күнүттэн регионнар реестры толорбутунан барыахтара, 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн тустаах өҥөнөн элбэх оҕолоохтор хааччыллан баралларыгар», — ТАСС-ка үлэ министиэристибэтин пресс-сулууспатыгар эттилэр.
Сиһилии https://ysia.ru/v-rossii-s-1-iyulya-zarabotaet-reestr-mnogodetnyh-semej/