Саха сиригэр от ыйын бастакы аҥарыгар дьэдьэн, жимолость, иккис аҥарыгар — хаптаҕас, малина, сугун ситэр. Экология министиэристибэтэ ханна, хаһан айылҕа бэлэҕин хомуйуохха сөбүн иһитиннэрдэ.
Дьэдьэн
От ыйын 10 күнэ — Амма, Таатта, Уус Алдан;
От ыйын 13-16 күннэрэ — Хаҥалас, Ньурба, Бүлүү, Чурапчы, Уус-Майа, Нам, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар;
От ыйын 20-25 күннэрэ — Мэҥэ Хаҥалас, Дьааҥы, Дьокуускай.
Малина
От ыйын 16-22 күннэрэ — Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар.
Жимолость
От ыйын 5-10 күннэрэ — Уус Майа, Горнай, Нерюнгри;
От ыйын 16-20 күннэрэ — Өлүөхүмэ, Алдан.
Хаптаҕас
От ыйын 5 күнэ — Уус Алдан;
От ыйын 10-16 күннэрэ — Амма, Таатта, Чурапчы, Ньурба, Өлүөхүмэ, Томпо, Уус Майа, Хаҥалас;
От ыйын 20-28 күннэрэ —Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Эдьигээн, Үөһээ Халыма, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Ленскэй, Сунтаар, Мэҥэ Хаҥалас, Кэбээйи, Дьааҥы, Эбээн-Бытантай, Усуйаана, Нам, Мииринэй соҕуруу өттө, Дьокуускай;
Атырдьах ыйын 7-9 күннэрэ —Өймөкөөн, Абый, Муома, Мииринэй хоту өттө.
This post was published on 06.07.2023 14:33 14:33