28 Кулун тутар 28.03
  • -13°
  • $ 92,59
  • 100,27

От ыйыгар баһаартан сэрэхтээх буолууну өссө күүһүрдүөхтээхпит

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ойуур уотун балаһыанньата билигин ама курдук. Ити эрээри от ыйыгар, былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, балаһыанньа уустугуруон сөп. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Саха» ГТРК быһа эфиргэ эттэ.

2021 сыл бу кэмнээҕитин кытта тэҥнээтэххэ, ойууру уот сиэһинэ 100 гектартан 30-ка диэри кыра.

«Бастатан туран, дьон эппиэтинэһэ улаатта. Быйыл киһи буруйунан уот туруута аҕыйах», 一 диэтэ Айсен Николаев.

Регион баһылыга ыам ыйын 14 күнүттэн үлэлиир зондировщик-сөмөлүөттэри хайҕаата. Искусственнай ардаҕы ыҥырар көтөр ааллар киин улуустарга сүрүннээн сөҥүүнү түһэрдилэр. Онон манна, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, баһаар аҕыйах.

«Ити эрээри холкутуйар сатаммат. Саамай уустук ый — от ыйа. Биһиги сүрүн сорукпутун толоруохтаахпыт – уот туруутун аҕыйатыахтаахпыт», 一 диэтэ Николаев.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА