11 кылаас оҕолоро ханнык биир кэлим эксээмэни талалларын олунньу 1 күнүгэр диэри быһаарыахтаахтар.
Сайабылыанньаны үөрэнэр кыһаларыгар биэрэллэр, оттон урут бүтэрбиттэр олорор сирдэринэн үөрэх салалталарыгар эбэтэр эмиэ оскуолаҕа туттараллар.
Бэлиэтиир буоллахха, үрдүк үөрэххэ киирэргэ биир кэлим эксээмэн алын кирбиитэ үрдээтэ. Холобур, ХИФУ-га физикаҕа урут 39 баал ирдэнэр буоллаҕына, билигин 41-гэ тэҥнэстэ, историяҕа 36 баал этэ, билигин 40 буолан турар. Оттон омук тылыгар биир кэлим эксээмэн алын баала 30 буоллаҕына, 40 баал диэн бигэргэннэ.
Санатан эттэххэ, ХИФУ-га быйыл 3765 бүддьүөттэн үбүлэнэр миэстэ көрүллэн, 15 үөрэх саҥа тосхолун арыйдылар.
This post was published on 29.01.2026 16:01 16:01