Сайабылыанньаны үөрэнэр кыһаларыгар биэрэллэр, оттон урут бүтэрбиттэр олорор сирдэринэн үөрэх салалталарыгар эбэтэр эмиэ оскуолаҕа туттараллар.
Бэлиэтиир буоллахха, үрдүк үөрэххэ киирэргэ биир кэлим эксээмэн алын кирбиитэ үрдээтэ. Холобур, ХИФУ-га физикаҕа урут 39 баал ирдэнэр буоллаҕына, билигин 41-гэ тэҥнэстэ, историяҕа 36 баал этэ, билигин 40 буолан турар. Оттон омук тылыгар биир кэлим эксээмэн алын баала 30 буоллаҕына, 40 баал диэн бигэргэннэ.
Санатан эттэххэ, ХИФУ-га быйыл 3765 бүддьүөттэн үбүлэнэр миэстэ көрүллэн, 15 үөрэх саҥа тосхолун арыйдылар.





