СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова социальнай ситимнэргэ быһа эфиргэ эппитинэн, харантыын миэрэлэрэ эбэтэр дистанционнай үөрэххэ көһүү өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэригэр коронавируһунан ыалдьааччы ахсааныттан биллиэҕэ, СИА суруйар.
«Билигин оҕолор коронавируһунан ыалдьыыларыгар эпидемиологическай боруок аһардылла илик. Ол иһин Роспотребнадзор уонна үөрэх министиэристибэтин кытта сүбэлэһэн баран, харантыын эбэтэр дистанционнай үөрэх ыалдьыбыт оҕо ахсааныттан көстөрүн быһаардыбыт», — диэтэ миниистир.
«ОРВИ, тумуу курдук коронавируһунан ыалдьыы кылааска дуу, бөлөххө дуу оҕо ахсаанын 10% куоһарда да, кылаас салайааччыта эбэтэр оскуола салалтата бэйэтэ быһаарыы ылар ханнык киэбинэн салгыы үлэлиирин», — диэтэ Елена Борисова.
Маннык боломуочуйаны муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара сүгэллэр. Кинилэр оройуоннарыгар, нэһилиэктэригэр эпидбалаһыанньаны тутан олороллор. «Үөрэх хаачыстыбата – саамай сүрүн процесс, онон биһиги үөрэҕи ылыыны уонна доруобуйа харыстабылын тэҥҥэ тутан быһаарыылары ылыахтаахпыт», — диэтэ миниистир.
This post was published on 09.10.2020 12:01 12:01