Быйыл түмүктүүр аттестацияны ааһыыга уонна БКЭ туттарыыга оҕолору 1,5 м бэйэ-бэйэттэн тэйиччи саахымат бэрээдэгинэн олордуу булгуччулаах миэрэ буолуо суоҕа. Ити эрээри сорох ирдэбиллэр хааллылар — «Роспотребнадзор» иһитиннэрдэ.
Ити эрээри сорох ирдэбиллэр хааллылар: экзаменационнай хамыыһыйа чилиэннэрэ, урукку сыллар курдук, мааскалаах буолуохтаахтар, үөрэнээччилэр эксээмэн туттарыытыгар анал кыраапыгынан кэлиэхтээхтэр, бу атын кылаас оҕолорун кытта алтыһыннарбат сыалтан ирдэнэр. Кылаастары салгылатыы уонна күннээҕи дезинфекция булгуччулаах.
COVID эпидемиятын иннинэ баар быраабыла тутуһуллар. Бастатан туран, биир күҥҥэ оҕо биир эрэ эксээмэни туттарыахтаах. Оҕо талыытынан туттарар БКЭ күн көтөн баран ыытыллыахтаах. Иккиһинэн, оҕо эксээмэни 4 чаастан ордук туттарар буоллаҕына, аһылыгынан хааччыйыллыахтаах. Иһэр уу эксээмэн буолар кэмин устата көҥүл баар буолуохтаах. Үсүһүнэн — кылааска эксээмэн саҕаланыытын кэтэһии 30 мүнүүтэттэн уһуо суохтаах, диэтилэр «Роспотребнадзорга».
Источник: «Российская газета»
This post was published on 13.05.2022 09:01 09:01