Муус устар 13-14 күннэригэр Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр XXII-с өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола оҕолорун «Саха КВН» оонньууларын финала ыытылынна. Икки күннээх көр-күлүү, айар дьоҕур уонна булугас өй түһүлгэтигэр уопсайа 9 улуустан 10 кыайыылаах хамаанда мустан, чемпион үрдүк аатын былдьастылар.
Бастакы күҥҥэ хамаандалар үгэс буолбут «Эҕэрдэлэһии», ону таһынан «Биатлон» диэн сытыы тыллардаах тэттик көрүдьүөстэр түһүмэхтэринэн тургутустулар. Бэйэни эҕэрдэлэһиигэ Уус Алдан улууһун Орто-Эбэ сүрүн оскуолатын «Дьулуур» хамаандата, утарсааччыларыттан соҕотоҕун муҥутуур үрдүк баалы ылан, инники күөҥҥэ таҕыста, күүстээх хамаанда быһыытынан чорбойдо.
«Кыайарга аҥаардас талаан кыра. Бастатан туран, хамаанда көрөөччүнү сэҥээрдэр, сөхтөрөр уонна абылыыр гына бырагырааматын кыһаллан оҥоруохтаах, күүскэ үлэлиэхтээх. Ол, биллэн турар, бириэмэни аахсыбакка элбэхтик дьарыктанартан, сааһылаан, ситэрэн-хоторон чочуйартан тутулуктаах. Иккиһинэн, оҕолор сыанаттан толлубат буолуохтаахтар, ыраастык уонна чэпчэкитик тутта-хапта сылдьыахтаахтар. Маны таһынан сыана албастарын эмиэ баһылыыллара ирдэнэр. Бу барыта хайдах эрэ «Дьулуур» хамандаҕа чугас курдук», – диэн бу туһунан дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Саха КВН Лигата» ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтин салайааччыта Геннадий Охлопков бэлиэтиир.
Кырдьык, түһүмэхтэр аайы «баардаахтар» бааллара улам биллэн, сыыйа инники күөҥҥэ тахсан истилэр. Ол курдук «Биатлоҥҥа» Мэҥэ Хаҥалас Чыамайыкытыттан «Чиккэс», Таатта улууһун «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтиттэн «СИТИК» уонна иннигэр хайҕаммыт «Дьулуурдар» үрдүк бааллары ылан, кыайыыга эрэллэрин лаппа улаатыннардылар. Сыанаҕа тахсан турар хас биирдии хамаандаҕа көрөөччүлэрбит истиҥник ыалдьан, ытыстарын тыаһынан эҕэрдэлээн, хаһыытаан-иһиирэн өйөбүл баарын уонна оонньуу доҕордуу сыһыаннаах ыытылларын өссө төгүл дакаастаатылар.
Иккис күҥҥэ быйылгы сылга оонньууну тэрийбит, ыалдьыттары көрсүбүт Уус Алдан улууһун аҕа баһылыга, кэскил туһугар дьоһуннаах үлэни тэрийэ сылдьар Алексей Федотов кыттыылаахтарга эҕэрдэтин анаата. Кини Бороҕоҥҥо өрүс суола сабылларын баттаһа үгүс элбэх тэрээһин ыытылла турарын, итиэннэ үксэ кэнчээри ыччат сайдыылаах буоларыгар хайысхалааҕын ыйда. «КВН сахалыы тыллаах ыччаты иитиигэ эрэ буолбакка, кини төрүт өйдөөх-санаалаах, киэҥ көрүүлээх, тобуллаҕас толкуйдаах буоларыгар утумнаахтык ылсан үлэлиир», – диэн үрдүк сыанабылы биэрдэ Алексей Васильевич.
«Музыкальнай дьиэҕэ сорудах» түһүмэх икки күннээх киирсии быһаарыылаах оонньуута буолла. Сэргэх сюжеттаах, ырыа уонна үҥкүү доҕуһуоллаах этапка чаҕылхай уобарастар ойууланнылар, көстүүмнээх нүөмэрдэр көһүннүлэр, пародия эрэ арааһа киэҥ дьүүлгэ таҕыста. Бу түһүмэххэ «Дьулуур» хамаанданы таһынан Мэҥэ-Хаҥалас Чыамайыкытыттан «Чиккэстэр», Амма Сатаҕайыттан «Чаҕылхайдар» уонна Үөhээ Бүлүү өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернатыттан «Айыккабыан» хамаанда күөрэйдилэр, иннэ гынан кинилэр уопсай түмүккэ инники кэккэҕэ тахсалларыгар кыах бэрилиннэ.
Финал чэрчитинэн сылын ахсын Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо быраабын араҥаччылыыр болумуочунайын кубога оонньонор. «Кырдьыгы – күлүүлээхтик» диэн тиэмэҕэ көрү-күлүүнү таһаарбыт бастыҥ хамаанда көһө сылдьар кубогынан уонна сыаналаах бирииһинэн наҕараадаланар. «Үтүө үгэс салҕанар. Көр-күлүү нөҥүө олох кырдьыга, ситиһиитэ уонна кыһалҕата ойууланар. Оҕо олоҕу хайдах ылынара, туох санаалааҕа бырата ырылыччы көстөр. Онон, биир өттүнэн, КВН оонньуу оҕо быраабын араҥаччылыыр болумуочунайыгар сүрдээх үчүгэй матырыйаал буолар, иккис курдук, оҕо-аймах эйгэтигэр үлэлиир дьоҥҥо, биһиэхэ, судаарыстыба өттүттэн өйөбүллээх буолар улахан көмөлөөх», – диэн быһааран кэпсиир «Саха КВН» оонньууларын көҕүлээччи Геннадий Охлопков.
Тэрийэр бөлөх «Саха КВН» оонньууларын 22 сезона ситиһиилээхтик уонна үрдүк таһымнаахтык түмүктэммитинэн бары хамаандаларга, кинилэр салайааччыларыгар уонна оҕолор төрөппүттэригэр эҕэрдэтин ыытар, ону таһынан «Саха КВН» национальнай хамсааһын тэтимнээхтик сайдарыгар күүс-көмө, тирэх буолар СӨ ыччат дьыалатын уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтигэр, СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр, СӨ оҕо быраабын араҥаччылыыр болумуочунайыгар уонна Уус Алдан улууһун үөрэҕин салалтатыгар, «Өркөн» оҕо эбии үөрэхтээһинин киинигэр махталын тиэрдэр.
XXII-с өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола оҕолорун «Саха КВН» оонньууларын финалын түмүгэ:
кыайыылаахтар уонна анал аат хаһаайыннара
Миэстэ/ анал аата | Хамаанда аата | Улууhа | Оскуолата/тэрилтэтэ | Салайааччыта |
I | «Дьулуур» | Уус-Алдан | П.П. Пестряков аатынан Орто-Эбэ сүрүн оскуолата | Дегтярёв Мичил Николаевич |
II | «Чиккэстэр» | Мэҥэ-Хаҥалас | С.Н.Михайлов аатынан Чыамайыкы орто оскуолата | Жиркова Анна Петровна |
III | «СИТИК» | Таатта | «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ | Алексеева Матрена Дмитриевна |
«Уран тыл маастара», «Мэкчиргэ мэйии» | «Айыккабыан» | Үөһээ Бүлүү | М.А. Алексеев аатынан Үөhээ Бүлүү өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интерната | Филиппова Сайыына Михайловна |
«Бастыҥ эҕэрдэлэhии» | «Күн дьоно» | Сунтаар | Б.Н.Егоров аатынан Күндэйэ орто оскуолата | Меняков Арнольд Александрович |
СӨ оҕо быраабын араҥаччылыыр болумуочунайын кубога, «Саха КВН эрэлэ» | «Чаҕылхайдар» | Амма | Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолата | Никитина Ольга Николаевна |
«Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ» | «Алаас оҕолоро» | Уус-Алдан | «Өркөн» улуустааҕы оҕо эбии үөрэхтээhин киинэ | Винокурова Мария Платоновна |
«Наара суох» (Бастыҥ көрүдьүөс) | «СахаSTAR» | Горнай | Афанасий Осипов аатынан кэккэ биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр Бэрдьигэстээх орто оскуолата | Мартынова Евдокия Кирилловна |
«Алтан чуораан» (Бастыҥ музыкальнай дьиэҕэ сорудах) | «Мэхээлэ сиэннэрэ» | Бүлүү | М. А. Алексеев аатынан Баппаҕаайы орто оскуолата
|
Захарова Анжелика Ивановна |
«Көхтөөх кыттыытын иhин» | «Ыстапаан сиэннэрэ»
|
Ньурба | Степан Васильев аатынан Ньурбатааҕы элбэх хайысхалаах гимназия | Мухоплева Марина Будимировна |
Биирдиилээн анал ааттар
|
||||
«Күн күлүүк» (Мисс КВН) | Попова Мария | Уус-Алдан | П.П. Пестряков аатынан Орто-Эбэ сүрүн оскуолата | Дегтярёв Мичил Николаевич |
«Көрдөөх көкөт» (Мистер КВН) | Павлов Семен | Үөһээ Бүлүү | М.А. Алексеев аатынан Үөhээ Бүлүү өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интерната | Филиппова Сайыына Михайловна |
«Бастыҥ куолас» | Григорьев Алик | Таатта | «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ | Алексеева Матрена Дмитриевна |
«Дорҕоон доҕор» (Бастыҥ тапёр) | Романова Анастасия | Мэҥэ-Хаҥалас | С.Н.Михайлов аатынан Чыамайыкы орто оскуолата | Жиркова Анна Петровна |
«Саталлаах саарын» (Бастыҥ салайааччы) | Дегтярев Мичил Николаевич | Уус-Алдан | П.П. Пестряков аатынан Орто-Эбэ сүрүн оскуолата | — |
Саха Өрөспүүбүлүкэтин
оҕолорун уопсастыбаннай холбоһуктарын
сойууһун пресс-киинэ