Куруук сылааһынан сайа кууһар санаалаах, күн сирин кэрэтин бэлэхтээбит Ийэбитигэр муҥура суох махтал тылларын тиэрдэр тэрээһиннэр Ийэ күнүгэр сыһыары тутуллан киэҥ далааһыннаахтык ыытылыннылар.
Инбэлиит, тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-харайыыта суох хаалбыт оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с №-дээх оскуола-интэрнээтэ бэлиэ күнү бэрт сэргэхтик, нэһи, улугу уһугуннарар гына тэрийэн ыытта.
«Бастыҥтан бастыҥ» («Самые, самые…») Ийэлэргэ анаммыт куонкуруска оскуола-интэрнээт иитээччилэрэ Галина Иванова, Нарыйаана Кушкирина, Лариса Заровняева, Александра Оконешникова, Елена Гуляева, Вера Стручкова, Лена Мартынова көрү-нары көҕүлүттэн туттулар, аһы-үөлү астыырга дьоҕурдарын, талба талааннарын көрдөрдүлэр.
«Араас саастаах кыргыттар уонна уолаттар оскуола-интэрнээккэ дьиэ кэргэҥҥэ арахсан олороллор. Кинилэри иилиир-саҕалыыр, үөрэтэр-такайар, сүбэлиир-амалыыр иитээччилэрин кинилэр эйэҕэстик “Ийэ”, “Аҕа” диэн ааттыыллар. Хас биирдии дьиэ кэргэн бэйэтэ туспа уратылаах: сорохтор ордук ас астыылларын биһирииллэр, атыттар эҥин-эгэлгэ оҥоһуктары айан, уустаан-ураннаан таһаараллар. Дьиэ кэргэн ийэлэрэ бүгүҥҥү куонкуруска бэйэлэрин талааннарын, сатабылларын, оҕону иитиигэ үөрүйэхтэрин көрдөрдүлэр», — диэн СИА-ҕа оскуола-интэрнээт тэрийээччитэ Анна Филиппова эттэ.
Оҕолор ырыалара-үҥкүүлэрэ, театрализованнай туруоруулара – Ийэ күнүн эргийэр киининэн буолла.
«Сыанаҕа тахсыбыт хас биирдии оҕо ырыатыгар, үҥкүүтүгэр интэрнээт үлэһиттэрэ сүрэхтэрин-дууһаларын ууран туран үлэлээбиттэрэ өтө көстөр. Тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста»,- диэн СИА-ҕа жюрини салайбыт Валентина Васильева эттэ.
Куонкурус түмүгүнэн хас биирдии Ийэ анал аакка тигистэ. Дьон-сэргэ кутун туппут Иннокентий Лебедев, Умсуура тэрээһин сиэрин ситэрдилэр, кэрэтик киэргэттилэр.
This post was published on 25.10.2016 14:45 14:45