Алта нэһилиэк Нам, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Уус Алдан, Чурапчы улуустарыгар тыа сирин сайыннарыы бырагырааматыгар киирсэн, 2021 сылга итиэннэ 2022-2023 былааннаах сылларга субсидия ылыахтара. Федеральнайдааҕы бырайыагынан дьыссаттары, оскуолалары, ФАП-тары, инфраструктура эбийиэктэрин тутууга, тырааныспар ылыытыгар үбүлээһини туттуохтара, СИА суруйар.
Бырайыактар испииһэктэрэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин саайтыгар таҕыста. Докумуоҥҥа Саха сирин алта нэһилиэгэ киирдэ. Онон былаан быһыытынан Нам Хомустааҕар спортивнай сааланы капитальнайдык өрөмүөннүөхтэрэ, амбулаторияҕа тырааныспар ылыахтара, уулуссаларын сырдатыныахтара. Бүтэй Үрдүгэр ФАП арыллыа, култуурунай кииннэригэр капитальнай өрөмүөн саҕаланыа.
Өлүөхүмэ Маачатыгар амбулаторияҕа санитарнай массыына атыылаһыахтара, ууну ыраастыыр ыстаансыйа тутуохтара. Сунтаар улууһун Хордоҕойугар спортивнай комплекс тутуохтара, лицей-интернакка, социальнай-култуурунай кииҥҥэ, амбулаторияҕа массыына ылыахтара.
Уус Алдан улууһун Бэрт Ууһун нэһилиэгэр улахан үлэ күүтүллэр — 120 миэстэлээх оскуола тутуута, канализационнай-ыраастыыр ыстаансыйа ылыыта, дьыссаат тутуута, амбулаторияҕа массыына атыылаһыыта.
Чурапчы Дьаабылыгар уу хачайдыыр систиэмэ, чааһынай ыалларга гаас киллэриитэ, норуот айар дьиэтигэр — массыына.
This post was published on 27.10.2020 16:01 16:01