Лос-Анджелеска «Оскары» туттарыы 96-с церемонията буолла. Сүрүн статуэтканы бастыҥ киинэ иһин Кристофер Нолан «Оппенгеймер» лентата ылла. Бастыҥ актëрунан Киллиан Мëрфи буолла, кыайыылаах киинэҕэ оруолугар, бастыҥ актриса — Эмма Стоун, «Бедные-несчастные» хартыынаҕа оонньоон.
Атын лауреаттар:
бастыҥ анимационнай киинэ — «Мальчик и птица», Хаяо Миядзаки;
бастыҥ омук тылынан киинэ — «Зона интересов», Джонатан Глейзер;
бастыҥ эр киһи оруола иккис былаан — Роберт Дауни-кыра, «Оппенгеймер»;
бастыҥ дьахтар оруола иккис былаан — Давайн Джой Рэндольф, «Оставленные»;
бастыҥ кыра метражтаах анимационнай киинэ — «Война окончена! Вдохновлено музыкой Джона и Йоко»;
бастыҥ кыра метражтаах документальнай киинэ — «Последняя ремонтная мастерская»;
бастыҥ документальнай киинэ — «20 дней в Мариуполе»;
бастыҥ оонньуу кылгас метражтаах киинэ — «Чудесная история Генри Шугара»;
бастыҥ оригинальнай сценарий — «Анатомия падения»;
бастыҥ адаптированнай сценарий — «Американское чтиво»;
бастыҥ грим уонна бүрүчүөскэ — «Бедные-несчастные»;
бастыҥ көстүүмнэр — «Бедные-несчастные»;
бастыҥ худуоһунньук-туруорааччы үлэтэ — «Бедные-несчастные»;
бастыҥ визуальнай эффектэр — «Годзилла: Минус один»;
бастыҥ монтаж — «Оппенгеймер»;
бастыҥ операторскай үлэ — «Оппенгеймер»;
бастыҥ тыас-уус — «Зона интереса»;
бастыҥ саундтрек — «Оппенгеймер»;
бастыҥ музыка киинэҕэ — «Барби» (Билли Айлиш What Was I Made for);
бастыҥ режиссура — Кристофер Нолан, «Оппенгеймер».