Хабаровскайга ОСАГО территориальнай коэффициена 4,12%-нан түһэр чинчилээх, оттон Благовещенскайга уонна Соҕуруу-Сахалинскайга — 3%. Владивосток, Комсомольск-на-Амуре, Петропавловск-Камчатскай уонна Улан-Удэ массыынаны ыытааччыларыгар коэффициеннара — 2%-тан тахса кыччыа. Дьокуускайга — 1,67%, Белогорскайга уонна Свободнайга — 0,91%.
ОСАГО территориальнай коэффициенын Россия 180 нэһилиэнньэлээх пуунугар кыччатар былааннаахтар. Маннык быһаарыыны массыынаны страховкалааччылар Россиятааҕы союзтара ылынна, Россия Баанын ыйыытын бырайыагын дьүүллэһэн баран. Атырдьах ыйын 24 күнүгэр ОСАГО туһунан сокуоҥҥа көннөрүүлэр киллэриллибиттэрэ. Онно олоҕуран булгуччулаах автогражданка тарификациятын быраабылатыгар уларыйыылар киирбиттэрэ.
«Бу полис сыаната чэпчииригэр тириэрдэр, массыыналаахтарга ити үчүгэй, – диир регионнааҕы кыһалҕалар институттарын дириэктэрэ Дмитрий Журавлев. – Коэффициены төрдүттэн суох оҥоруу билигин кыаллыбат, ити эрээри кыччатыы оруннаах. Дойдубут киэҥ, араас. Мегаполис уонна станицалар суоппардарын тэҥниир табыллыбат. Суоллара да араастаһар. Коэффициены сөпкө аттарар наадалаах, тэҥ сыанаҕа айанныылларыгар кыаҕы үөскэтэр. Хаһан эрэ биир сыанаҕа кэлиэхпит уонна регионнааҕы коэффициены суох оҥоруохпут дии саныыбын».
Сиһилии https://ysia.ru/territorialnyj-koeffitsient-osago-snizitsya-v-gorodah-dalnego-vostoka/
This post was published on 08.09.2020 12:04 12:04