Бу үтүө хамсааһын олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама тосхолунан олоххо киирдэ. Бырагыраама чэрчитинэн 2700 000 00 үп көрүллэн, ааспыт сыл хаачыстыбалаах пластикавай турубалары тардыы сүрүн үлэтэ оҥоһуллубута, диэн «Халыма долгуннара» телеграм-ханаал суруйар.
Бу хамсааһын туһунан нэһилиэк баһылыга Юрий Гуляев иһитиннэрэр: «Быйыл уу ааһар туруба 100 ыал уһаайбатыгар киирдэ. Бу курдук турубалар ыал аайы оҥоһуллан киириэхтэрэ. Турубалар бөһүөлэктэн 1 килэмиэтир тэйииччи сытар Кубалаах күөлтэн тардылыннылар. Бу күөл, киһи иһэригэр чинчийиини ааспыт, көҥүлэ бигэргэммит докумуоннаах ыраас уулаах күөлбүтүнэн буолар. Нэһилиэнньэҕэ уу нэдиэлэҕэ иккитэ бэриллиэҕэ. Төлөбүрүн 1 ыйга — 500 солк.тэҥнээтибит.
Онон хаһаайыстыбалаах, сүөһүлээх, оҕуруоттаах дьоҥҥо төһүү күүс буолар өҥө киирбититтэн үөрэбит.Турубалары көрүү-истии эппиэтинэһэ, одькх эйгэтигэр уһун кэмҥэ үлэлээбит, баай уопуттаах исписэлиискэ Тарас Гуляевка туһаайылынна».
This post was published on 28.07.2023 16:30 16:30