Орто Халыма улууһун Байды нэһилиэгэр муоста тутулунна

Орто Халыма улууһун Байды нэһилиэгэр муоста тутуллан үлэҕэ киирдэ. Бу туһунан ulus.media суруйар .


«Уһун сылларга элбэх эрэйи көрбүт билиибитигэр 50-чэ миэтэрэ усталаах, 4 миэтэрэ кэтиттээх, ханнык баҕарар тиэхиньикэ холкутук туоруур тыа сиригэр өтөрүнэн тутуллубатах муоста тутулунна», — диэн нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, сэрии кэмин оҕото Николай Слепцов кэпсиир.

От ыйын 17 күнүгэр муоста5а киириигэ, тахсыыга маһы тэлгииргэ, шлак кутуутугар, талаҕы, дулҕаны ыраастааһыҥҥа субуотунньук буолбут.

Үйэлээх тутууну нэһилиэк олохтооҕо, урбаанньыт Илья Кутуков уонна нэһилиэк дьаһалтата дуогабардаһан, 4 киһилээх биригээдэ тэриллэн туппут. Кинилэр истэригэр 40-тан тахса сыл механизацияҕа үлэлээбит айылҕаттан мындыр, ханнык да үлэҕэ ылыстар, бэрт кичэллээхтик, киһи астынар, дуоһуйар гына толорор Аркадий Еремеев. Муоста тутуллан саҕаланарыгар бетонтан оҥоһуллубут атахтары кээмэйдээн быһарга, сыбаарка үлэтигэр баай уопуттаах Александр Бандеров, эдэр дьон Виталий Колесов, Иван Оконешников үлэлээбиттэр.

Улуус баһылыга Евгений Слепцов, нэһилиэк баһылыга Василий Оконешников сүбэнэн үлэлээн, үйэлээх тутуу түмүктэммитин нэһилиэнньэ үрдүктүк сыаналыыр.

«Олоҕум усталаах-туоратыгар араас тиэхиньикэнэн, көлөнөн, сатыы да тиэстибит сирбэр маннык тупсаҕай, үйэлээх тутуу олоххо киирбитин кырдьар сааспар илэ көрбүппүнэн астынным, үөрбэтэхпин үөрдүм. Бу үөрүүбүн кыайан туттуммакка, мин, 77 саастаах киһи, самаан сайын сатыылаан турар кэмигэр, бырдах үгэнигэр соҕотоҕун бураан көлөнөн көстөн ордук сиргэ — Сайбалаахха — сайылык дьиэбин көрүнэ бара сырыттым уонна олус дуоһуйдум. Муоста ортотугар тохтоон, алаадьынан күндүлээн, бэйэм баҕа санаабын эттим, хаартыскаҕа түстүм. Кырдьар сааска маннык дуоһуйууну ылахха, олоххо тардыһыы өссө күүһүрэрин эппинэн-хааммынан биллим» — диэн Николай Слепцов санаатын үллэстэр.

This post was published on 23.07.2020 17:01 17:01