Халыма өрүс уҥа өттүгэр, Орто Халыматтан 70 км тэйиччи сытар 90 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ баһаар турда. Эрдэтээҥи чахчыларынан, тыаҕа олохтоох дьон туппут үүтээннэрэ умайбыт.Төһө элбэх тутуу умайбыта чуолкайданар.
«Баһаар бэс ыйын бүтүүтэ саҕаламмыта. Ааспыт нэдиэлэттэн ыла манна «Якутлесресурс» отделын алта үлэһитэ үлэлиир. Баһаар турбут сирин хайалар уонна томтордор тулалыыллар, онон салгын тырааныспарынан эрэ тиийиэххэ сөп. Нэһилиэктэргэ уот кутикулы үөскэппэт», — диэн СИА-ҕа Орто Халыма баһылыга Иван Лаптев иһитиннэрдэ.
Оройуоҥҥа барыта түөрт ойуур баһаара үлэлиир. Олортон биирдэстэрэ Магадаан уобалаһын кытта кыраныыссаҕа турар Березовка нэһилиэгиттэн 100 км тэйиччи.
This post was published on 17.07.2023 15:05 15:05