Орто Халыма улууһугар окко киириигэ күүстээх бэлэмнэнии бара турар. Бэс ыйын 7 күнүгэр улуус баһылыгын “2016 сыллааҕы оттооһун хампаанньатын туһунан” дьаһала таҕыста.
Бу дьаһалга олоҕуран, оттооһун хампаанньатын кэмигэр улуустааҕы оперативнай штабы кытта пресс-киин састааба бигэргэннэ. Итини сэргэ нэһилиэктэринэн куратордар ананнылар.
Улуус үрдүнэн быйыл уопсайа 8567 тонна оттоноро былааннанар. Итинтэн Алаһыай нэһилиэгэ — 696 тоннаны, Бастакы Хаҥалас — 2433 тоннаны, Иккис Мээтис — 749 тоннаны, Иккис Хаҥалас — 903 тоннаны, Байды — 900 тоннаны, Бастакы Мээтис — 591 тоннаны, Сиэн Күөлэ — 1701 тоннаны, Хатыҥнаах — 561 тоннаны, Орто Халыма куорат — 33 тоннаны бэлэмниэхтээҕэ быһаарылынна.
Уопсай былаантан 3167 тоннатын тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ, 2175 тоннатын нэһилиэнньэ, 2453 тоннатын бааһынай хаһаайыстыбалар, 341 тоннатын оскуолалар лааҕырдара оттуохтара, 431 тонна — саппаас от.
Дьаһалга от ыйын 1 күнүттэн от хампаанньатын саҕалыырга этиллэр. Ол иннинэ бары нэһилиэктэргэ тиэхиникэни 100% бэлэмнээһин, баһылыктар отчуоттааһыннарын уонна үөрэх управлениетынан лааҕырдары тэрийии соруга туруорулунна.
Оттон бэс ыйын 8 күнүгэр улуустааҕы оперативнай штабка бастакы селекторнай мунньах буолла. Манна нэһилиэк баһылыктара сибээскэ тахсан, быйылгы от хампаанньатын тэрийиигэ төһө бэлэмнээхтэрин иһитиннэрдилэр. Бары нэһилиэктэр баһылыктара туһааннаах дьаһалы ыллылар, былааннарын туттулар. Хаһаайыстыбалар оттуур сирдэригэр уматык тиэрдиллибит.
Сыбаатайга уонна Арҕахтаахха күнүгэр уу 2-3 см кэлэрэ бэлиэтэнэр эрээри, бэс ыйын 10 күнүн кэнниттэн түһүө диэн сабаҕалыыллар, онон оттуурга мэһэй тахсыа суохтаах.
Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Егор Константинов: “Бүгүҥҥү туругунан улуус үрдүнэн 1659 ынах сүөһү, итинтэн 660 ыанар ынах, 3710 сылгы, биэ 1854 төбө баар. Онон уопсай от былаана быйыл 8567 тоннаҕа тэҥнэстэ. Сыллата сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ улуустан көмө көрүллэр. Оттуур тиэхиникэ атыылаһыллар, уматыкка көмө оҥоһуллар. Онон туох да хааччаҕа суох оттонуохтаах”, — диэтэ.
This post was published on 09.06.2016 14:14 14:14