Орто Халыма улууһа итиигэ холбонно

Атырдьах ыйын 25 күнүгэр Орто Халыма улууһун социальнай эбийиэктэригэр, олорор дьиэлэригэр итиини биэрдилэр. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр.


Улуус тоҕус нэһилиэгэр итиэннэ Орто Халыма куоратыгар ОДьКХ улуустааҕы салаата түөрт водозабору, 14 хочуолунайы үлэлэтэр. Инженернэй ситим уһуна — 70 км, онтон 67,5 км итии уонна 2,5 км уу ситимнэрэ.

Улууска 37 400 туонна кыстык оттук тиэллибит. 36,3 тыһ. туонна чох уонна 1,1 тыһ. туонна ниэп.

Сайын коммунальнай сулууспа үлэһиттэрэ носуоһу уларыттылар уонна 5,5 км инженернай ситими уларытан оҥордулар.

This post was published on 26.08.2020 13:01 13:01