Орто Халыма улууһа бородууктанан толору хааччыллан олорор

2021 сыллааҕы навигациянан Орто Халыма улууһугар 440 туонна социальнай суолталаах бородуукта тириэрдиллибитэ, ол иһигэр 280 туонна бурдук.

2022 сыллааҕы кыһыҥҥы суолунан 139 туонна бородуукта тиийдэ. Ыраах сытар, суола-ииһэ суох нэһилиэктэр дьаһалталарын сайаапкатынан салгыы 235 туонна бородуукта тириэрдиллэр. Бу күннэргэ тиэйии-таһыы үлэтэ күүскэ барар.

«Якутоптторг» тэрилтэ Орто Халыматааҕы филиалын маҕаһыыннарыгар сыана улаханнык үрдээбитэ бэлиэтэммэт. Холобур 1 кг саахар 88,25 солк., рис — 94,95 солк., гречка — 109,63 солк., ржаной бурдук — 41,36 солк, үрдүк суортаах маҥан бурдук — 52,05 солк., мас арыыта 0,8 л — 195 солк.

Ааптар: Светлана Талибаева, «Халыма долгуннара» хаһыат, Орто Халыма

This post was published on 28.03.2022 15:01 15:01