Орто Халыма куоратыттан бу күннэргэ бөртөлүөтүнэн Сыбаатайга мүөттээх ыҥырыалар илдьилиннилэр. Уһук хотугу дойдуга сүөһүттэн-сылгыттан ураты саҥа салааларга дьон дьарыктанан эрэрин тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы управлениетын начальнигын эбээһинэһин толорооччу Мария Шарина иһитиннэрдэ.
Мария Шарина иһитиннэрбитинэн, былырыын Сыбаатай орто оскуолатыгар Дмитрий Дьячковскай диэн Чурапчы киһитэ дириэктэринэн ананан кэлбит. Кини оскуола базатыгар тыа хаһаайыстыбатын саҥа хайысхатын, мүөттээх ыҥырыаны иитиини, сайыннарыан баҕарарын, ол табылыннаҕына кэлэр өттүгэр Сыбаатай оскуолатын агро-оскуола оҥорорго үлэлэһиэххэ сөбүн туһунан эппит.
— Улуус баһылыга Евгений Слепцов этиини өйөөн, көмөлөһөр соругу туруоран, биһиги 550 тыһыынча солкуобай харчыны көрбүппүт. Ол харчыга тирэҕирэн, Дмитрий Дмитриевич бастаан, кыһыҥҥы суолу баттаһа ыҥырыа уйаларын, атын да туттар тэриллэри аҕалбыта. Ааспыт субуотаҕа, ыам ыйын 21 күнүгэр, таһаҕас сөмөлүөтүнэн уон ийэ ууһа, ол эбэтэр тыһыынча кэриҥэ ыҥырыалары Хаҥалас Өктөмүттэн атыылаһан аҕалбыта. Дьэ ону бу бөртөлүөтүнэн Сыбаатайга ыыттыбыт. Үчүгэйдик тиийбиттэр. Сыбаатай орто оскуолатын бэртээхэй бырайыага табыллан, оҕолорбут барахсаттар мүөт сиэтэхтэринэ, наһаа үчүгэй буолуо этэ. Бу иннинэ биһиги улууска ыҥырыанан дьарыктаммыт киһи суох, онон сыбаатайдарга ситиһиилэри баҕарабыт, — диэтэ кини.
This post was published on 27.05.2022 15:01 15:01