Орто Халыма Россия Өрөгөйүн ырыатын ыллаата

Бэс ыйын 12 күнүгэр Орто Халыма улууһун дьоно-сэргэтэ улуус киинигэр тоҕуоруһа мустан, Россия күнүн бэлиэтээтилэр. Билигин Орто Халымаҕа күнүс 2 чааһы ааста.


Бу күн эҕэрдэ тыл этилиннэ, „Мин — Россия гражданина“ акция ыытылынна.

14 саастарын туолбут оҕолорго сүрүн докумуоннарын – пааспардарын — туттардылар.

Үөрүүлээх тэрээһин сүрүн дьаһала — Россия Өрөгөйүн ырыата ыраас халлаан анныгар Орто Халыма үрдүнэн дьиэрэйдэ.

This post was published on 12.06.2016 12:12 12:12