Орто Халыма олохтоохторо Халыма өрүс күнүн бэлиэтиири туруорсаллар

Экология Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Егор Стручков бэҕэһээ айылҕа харыстабылын инспекциятын, “Колыма” айылҕа паркатын үлэһиттэрин кытта көрүстэ.


Көрсүһүүгэ икки боппуруос көрүлүннэ. Ол курдук, быйыл Саха сиригэр Нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы уонна кэлэр сыл дойдуга Экология сылларынан буоларынан, Халыма өрүс күнүн биллэрэр туһунан боппуруос көтөҕүлүннэ. Итиниэхэ сүрүн төрүөтүнэн улуус нэһилиэнньэтин көҕүлээһинэ буолла.

Онон Экология Сэбиэтэ маннык быһаарыыны ылла:

Бастакытынан, Орто Халыматааҕы Айылҕа харыстабылын инспекциятыгар Халыма өрүс күнүн бэлиэтииргэ нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүргэ ыҥырда.

Иккиһинэн, СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр Магадан уобалаһын туһааннаах биэдэмистибэтин кытта бу боппуруоска бииргэ үлэлэһэргэ этии түһэрэргэ эттэ.

Үсүһүнэн, инспекция үлэһиттэригэр үс Халыма улуустара бииргэ Халыма өрүс күнүн бэлиэтииргэ сөбүлэҥнэрин ылалларыгар эттэ.

Төрдүһүнэн, Орто Халыма улууһун дьаһалтатыгар нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүргэ уонна сылын аайы Халыма өрүс күнүн бэлиэтиири өйүүргэ ыҥырда.

This post was published on 01.04.2016 14:53 14:53