Муома, Орто Халыма улуустарын баһылыктара ойуур баһаардарын от ыйын 29 күнүнээҕи туруктарын туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрдилэр.
«Орто Халыма улууһугар бүгүн балаһыанньа ама. Сыбаатайга минеральнай балаһаны кэҥэтии, уот көрдүгэннэрин умулуннарыы үлэлэрэ салҕаналлар. Уот кытары охсуһууга 70 киһи сылдьар – түөрт биригээдэ уонна алта тиэхиньикэ. Өлөөкө Күөл таһыгар 2 килэмиэтирдээх хоруу хаһаллар. Онно 60 киһи, ол иһигэр МЧС аэромобильнай бөлөҕүн 20 үлэһитэ бааллар», — диэн төлөпүөнүнэн Орто Халыма улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Руслан Гаврильев кэпсээтэ.
Муома улууһун баһылыга Иван Павлов Хонуу нэһилиэгин таһынааҕы баһаар бохсулуммутун иһитиннэрдэ. «Биир баһаар Соболоох нэһилиэгиттэн 4 км сиргэ умайар. Онно уот баҕаналара былдьаннылар. Нэһилиэк дизельнэй генераторынан уоттанан олорор. Энергетиктар уот линияларын чөлүгэр түһэриинэн дьарыктаныахтара», — диэтэ Иван Павлов.
This post was published on 29.07.2020 17:01 17:01