Орто Халыма куоракка «Боотур» оҕо-ыччат спортивнай оскуолатын таһыгар саҥа тутуу баар буолла. Ааспыт сылтан саҕалаан тутуллубут „Халыма уоттара“ сквер силигэ ситэн, аһыллыы үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытылынна.
Эдэр ыччат уонна дьиэ кэргэн министиэристибэтэ социальнай-экономическай суолталаах бырайыактар ортолоругар Ил Дархан граныгар ыыппыт «Нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы» номинацияҕа Орто Халыма куорат дьаһалтата оҥорбут бырайыага бастыҥынан ааттанан, сквер тутуутугар бастакы дьоһуннаах хардыы оҥоһуллубута.
Бырайыак уопсай сыаната 37 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһэр, манна бааллар: скейт паарка, волейболлуур, футболлуур уонна эти-сиини эрчийэр оонньуур былаһааккалар.
Бэлиэ күҥҥэ спорт миниистирэ Дмитрий Гуляев кыттыыны ылла. „Маннык тутуулар олоххо киириилэрэ — дьону-сэргэни чөл олоххо, спорка көҕүлүүллэр. Онон бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥүтүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Аны икки сылынан Орто Халымаҕа Халыма-Индигир уокурук спартакиадата буолаары турар. Ити бэлиэ түгэҥҥэ спорт комплексын тутуутун үбэ Бырабыыталыстыба нөҥүө көрүлүннэ“, — диэн кини олохтоохтору үөртэ.
This post was published on 27.09.2016 10:10 10:10