Сэтинньигэ Орто Халымаҕа компьютернай томограф үлэлиэҕэ. Бу доруобуйа харыстабылын бастакы звенотун саҥардыы бырагырааматынан олоххо киирэр дьаһаллартан биирдэстэрэ.
«Маннык оборудованиебыт эрдэ суоҕа. Ити эрээри биһиги хирургтарбыт олус түргэнник үөрэннилэр, элбэх саҥа диагностыыр уонна эмтиир ньымалары биллилэр. Бу оборудование көмөтүнэн холецистэктомияны, гинекологическай эпэрээссийэлэри, диагностыыр лапароскопияны уонна да атыны оҥоруохха сөп. Эрдэ дьон Дьокуускайга баран көрдөрөрө», — диэн киин балыыһа кылаабынай бырааһа Дмитрий Третьяков эттэ.
Фиброгастроскопия оҥорторуохха сөп. «Эндоскопическай аппарааттары: гастроскоп, колоноскоп, фибробронхоскоп ылыллыбыттарын кэннэ, билигин чинчийиини бэйэбит балыыһабытыгар оҥорор кыахтаахпыт», — диэтэ быраас.
Икки наркозтуур аппарат эпэрээссийэ ыытар саалаҕа уонна реанимация отделениетыгар туруорулунна, икки миэстэлээх стационарнай рентген-аппарат, икки флюорограф – стационарнай уонна мобильнай нэһилиэктэргэ командировка кэмигэр илдьэ сылдьыахха сөп.
This post was published on 04.10.2022 15:32 15:32