Орто Халыма граннарга киирсэр

Орто Халыма тыа хаһаайыстыбатын салаатынан көрүллэр граннарга кимиилээхтик киирсэр. Бу күннэргэ Налимскайдааҕы ферма хаһаайынын Василий Еремееви кытыннарарга үлэ барар. Хаһаайыстыба 78 ынах сүөһүлээх, ол иһигэр 30-та ыанар ынах.


Кинини сэргэ Өлөөкө Күөлүттэн Василий Винокуров салайааччылаах „Илгэ“ хаһаайыстыба докумуона хомуллар. Бу хаһаайыстыбаҕа бүгүн 30 ынах сүөһү кыстаан турар. Иккиэн «Дьиэ кэргэн фермерэ» хайысхаҕа кыттыахтаахтар.

Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын кылаабынай специалиһа Мария Шарина бэлиэтииринэн, быйыл докумуоннары тутуу сыл саҥатыттан барбыт. «Ол эбэтэр кулун тутарга түмүк биллэн, кыайыылаахтарга үп тыырыллар. Онон тустаахтар сыл саҥатыттан өйөбүл ылан, үлэлииллэригэр табыгастаах», — диир кини. Маны тэҥэ „Саҥа саҕалыыр фермер“ граҥҥа үлэһит дьону кытыннараары, хас биирдии нэһилиэктээҕи специалистарга дьаһал барбыт.

Оттон сылгы иитиитигэр тыҥаан турар боппуруоһунан — эбии аһылык буолар. Нэһилиэктэртэн окко наадыйыы туһунан күннэтэ иһитиннэрии киирэр. Күн бүгүн 118 төбө аһылыкка турара биллэр: Эбээххэ — 60, Сыбаатайга — 32, Арҕахтаахха — 20, Хатыҥнаахха 6 төбө.

Племеннай үлэҕэ эмиэ болҕомто ууруллар. Бу күннэргэ «дюарь-сосуд» кэлбитин, Өлөөкө Күөлүгэр тириэрдиэхтээхтэр. Улууска Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕыттан 1-2 саастаах оҕустары аҕаларга кэпсэтии бара турар.

Ыспыраапка: Олунньу 1 күнүнээҕи туругунан, улууска ынах сүөһү ахсаана 1543, о.и. 694 ыанар ынах. Сылгы ахсаана — 3631, о.и. биэтэ 1887 төбө.  2033 таба баара учуоттаммыт.

This post was published on 15.02.2016 12:58 12:58