Орто Халымаҕа таһаҕаһы тиэртилэр

«ЛОРП» үлэһиттэрэ Орто Халымаҕа суолталаах таһаҕаһы тиэртилэр. Суудуна 37 аһынан-үөлүнэн уонна да атын табаарынан толору 37 контейнеры нэһилиэнньэлээх пууҥҥа тиэртэ. Бу туһунан Саха сирин баһылыга Айсен Николаев иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.

Санатан эттэххэ, алтынньы 9 күнүгэр Халыма судоходнай хампаанньата күн- дьыл усулуобуйатыттан уонна суудуна тэстэн сылтаан төннөргө күһэллибитэ.

Регион баһылыга бэлиэтээбитинэн, буксир хапытаана Константин Чумаков, экипаж чилиэннэрэ, ону тэҥэ арыаллыыр суудуналар сыралаах үлэлэрин түмүгэр, барыта этэҥҥэ тиэрдилиннэ. «Бу эр дьон — дьиҥнээх геройдар, төһө да бэйэлэрин үлэлэрин толордунар — Арктика оройуонун олохтоохторугар тыын суолталаах таһаҕаһы тириэртилэр! Маннык эр дьон баар буолан хоту дойду инникитигэр эрэллээх», — диэтэ Айсен Николаев.

This post was published on 17.10.2022 17:03 17:03