Орто Халымаҕа окко былааннарын толордулар

Атырдьах ыйын 30 күнүнээҕи туругунан, Орто Халыма улууһугар от былаана 94% туолла. Сыллааҕы 6731 тонна былаантан 6338 т кэбиһилиннэ. Билигин даҕаны ходуһаҕа 456 киһи 76 тыраахтарынан оттуу сылдьар. Улуус үрдүнэн 4989 гектар сир охсуллан сытар.

Бастакы Хаҥалас уонна Иккис Мээтис нэһилиэктэрэ былааннарын 100% ситистилэр. Сыллааҕы былааннарын таһынан, сыбаатайдар уонна налимскайдар оттуу сылдьаллар. Ону таһынан Арҕахтаахха «Кустук» ТХПК, А.Д.Третьяковабааһынай хаһаайыстыбата, Эбээххэ урбаанньыт И.В.Стручков, оскуола үлэһиттэрэ, Сылгы Ыытарга И.И.Берёзкинбааһынай хаһаайыстыбата былааннарын толорон баран тохтоон хаалбакка, күнү-дьылы баттаһа эбии оттууллар.

Алаһыай — 83, Иккис Хаҥалас — 92, Байды — 84, Бастакы Мээтис — 95, Сиэн Күөлэ — 98, Хатыҥнаах нэһилиэктэрэ 72% толорон иһэллэр. Онон, уопсайа тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ — 2121 тонна (99%), нэһилиэнньэ — 1935 тонна (96%), бааһынай хаһаайыстыбалар — 1533 тонна (82%), оскуолалар 204 тонна (78%) оттоохтор.

Налимскай Мэхээйиллэ күөлүгэр биригээдэ 130 тонна оту кэбиһэн, былаанын 130% толордо. Билигин даҕаны 112 га сир охсуллан сытар. Ойуһардаахха эмиэ биригээдэ 100 тонна от былааннааҕыттан, 106 тонна оту саппааска бэлэмнээтэ. Сыбаатайга уонна Эбээххэ резербэҕэ отторун былаана 100% туолла. Онон, улууска 546 тонна от резербэґэ бэлэмнэнэн, былаан 124% тэҥнэстэ. Бу кыстыгы этэҥҥэ туоруурга төһүү буолуоҕа.

Быйыл Ыспааһаптарга ардах түспэккэ, отчуттарга күн-дьыл туран биэрдэ, онон былаан туоларыгар эрэл баар.

This post was published on 03.09.2018 08:26 08:26