Орто Халымаҕа оҕолору үлэнэн хааччыйыахтара

Орто Халыма куоракка “Спектр” оҕо-сайдар киинигэр нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар үлэлэһэр тэрилтэ ыам ыйын 31 күнүгэр сокуоннай саастарын туола илик оҕолорго үлэ дьаарбаҥкатын тэрийдэ. 


Куорат дьаһалтатын иһинэн икки сезоҥҥа 10-нуу оҕоҕо “Волонтёр” бөлөҕө тэриллэрин туһунан куорат дьаһалтатын баһылыга Варвара Оконешникова кэпсээтэ. Манна 8 уолга уонна 2 кыыска үлэ бэлэмнэммит. Уолаттар куораты ыраастааһыҥҥа, көтүрүллүбүт дьиэлэр оннуларын хомуйууга, уу сүүрэр ханаабаларын ыраастааһыҥҥа үлэлиэхтэрэ, оттон кыргыттар сибэккилэри көрүүнэн-харайыынан дьарыктаныахтара. «Үлэлиэн баҕалаах оҕо элбэҕинэн, бастакы уочаратынан элбэх оҕолоох, олоруу алын кээмэйин куоһарбат дохуоттаах дьиэ кэргэн оҕолоро ылыллыахтара», — диэн быһаарда баһылык.

Салгыы бэйэтин баҕа санаатын кытта “Кулума” киин дириэктэрэ Анастасия Павлюк үллэһиннэ: “Биһиги бастакытын маннык дьаарбаҥкаҕа кыттабыт. Бастакы уопуппут буоларынан, быйыл 2 кыыска үлэни бэлэмнээтибит. Ол курдук сайыҥҥы кэмҥэ оҕолорго бэйэлэрэ-бэйэлэрин аралдьытынар тэрээһиннэргэ тэрийээччи, ыытааччы, көмөлөһөөччү быһыытынан үлэни аныахпытБу быһаарыныыны ылынарбытыгар быйыл “Халыма чинчийээччитэ” НПК-ҕа эксперт быһыытынан кытта сылдьан, үгүс оҕо култуура эйгэтигэр баар кыһалҕалары туруорбуттарын көрөн, итиниэхэ олоҕурдубут. Кистэл буолбатах, куоракка оҕо сынньалаҥын тэрийиигэ уустуктар бааллар, бастатан туран, оҕо аралдьыйарыгар анал дьиэ-уот, тустаах бырагыраама суох. Онон быйыл сайын бэйэбит кииммит иһинэн оҕолорго аналлаах бырагыраама ылынныбыт, онон сиэттэрэн араас аралдьытыы киэһэлэрин, тэрээһиннэри ыытыахпыт. Маныаха оҕо бэйэтэ ылсан үлэлииригэр кыах биэрэбит. Онон көхтөөх, эппиэтинэстээх уонна элбэх идеялардаах кыргыттары үлэҕэ ыҥырабыт», — диэтэ.

Салгыы киин балыыһаттан Марианна Аргунова 2 кыыска уонна 1 уолга муоста сууйааччы уонна дворник үлэтин биэриэхтэрин сөбүн эттэ. Оҕолор 0,5 ставкаҕа үлэлиэхтэрэ, онон үлэ чааһа күҥҥэ 4 чааска тэҥнэһиэҕэ диэн быһаарда. Кинилэр бастакытын буолбакка, былырыын эмиэ бу курдук үлэлиэн баҕалаах оҕолорго усулуобуйа тэрийбиттэр.

Оҕоттон туох ирдэнэрин Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин психолога Матрёна Бандерова слайда нөҥүө кэпсээн билиһиннэрдэ, оҕолору кытта кэпсэттэ. Өссө биир туһалаах кэпсэтии оҕо эппиэтинэһин тула буолла.

Көрсүһүү түмүгэр Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин салайааччыта Галина Михайлова: “Ааспыт сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, быйыл үлэлиэн баҕалаах оҕо ахсаана элбээбитэ үөрдэр. Сайаапкаларгытынан көрөн, бүгүн кэлбэтэх тэрилтэлэри кытта салгыы үлэлэһиэхпит», — диэтэ.

This post was published on 01.06.2016 14:10 14:10