Муус устар 15 күнүттэн 19-гар диэри Орто Халыма улууһугар „Дни науки и интеллектуального творчества“ аһаҕас фестиваль ыытыллаары турар.
Фестивалы тэрийээччилэринэн СӨ Үөрэх министиэристибэтин Наука алын Академията, улуустааҕы Үөрэх управлениета, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Медицинскэй института, ХИФУ Матемитикаҕа уонна информатикаҕа института, Орто халыма куорат орто оскуолатын иһинэн үөрэнээччилэр научнай-чинчийэр үлэлэрин методическай киинэ уонна Наука алын Академиятын Орто Халыматааґы салаата — И.В.Волков аатынан улуустааҕы гимназия буолаллар.
Ол курдук фестиваль чэрчитинэн Орто Халыма орто оскуолатыгар СӨ Наука алын Академиятын консультаннарынан научнай-популярнай лекциялар, Орто Халыма улууһун эдэр чинчийээччилэрин конференциялара, Академик В.А.Роббек аатынан 6-11 кылаастарга „Колымский исследователь“ V-с региональнай научнай-практическай конференция, 4-5 кылаастарга „Мои первые шаги в науку“ чинчийэр бырайыактарга куонкурус, „My First Projects in English“ английскай тыл куонкуруһа, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго „Мир вокруг нас“ лего-конструкторы оҥорууга куонкурус буолуохтара.
Итини таһынан оскуолалар икки ардыларынааҕы технопарк бырайыактарын презентацията ыытыллыаҕа. Манна 5 секциянан арахсан үлэ барыаҕа. Ол курдук научнай-техническэй оҥоһуктарга быыстапка туруоҕа. Робототехникаҕа туһааннаах туспа секция үлэлиэҕэ. „Бизнеспроектирование“ былаһаакката тэриллиэҕэ. Логическай оонньууларга турнир ыытыллыаҕа. Туспа секциянан мода студияларын уонна прикладной оуоһуктары көрүү буолуоҕа.
Салгыы Орто Халыма улууһугар Наука алын Академиятын арыйыы буолуоҕа. Манна НПК „Медицинские науки“ секциятыгар үлэ барыаґа, БКГЭ, ОГЭ-ҕэ бэлэмнэнии, семинардар буолуохтара.
„Опыт, проблемы и перспективы организации научно-исследовательской деятельности школьников“ темаҕа „төгүрүк остуол“ тула бу фестиваль бары кыттыылаахтара мустуохтара, санааларын атастаһыахтара.
Үгэс быһыытынан эдэр педагогтарга сүбэ мунньах буолуоҕа.
Улууска ыытыллаары турар фестивальга Дьокуускай куораттан ыҥырыылаах ыалдьыттар кэлэллэрэ күүтүллэр. Ол курдук СӨ Наука алын Академиятын научнай консультана, педагогическай наука кандидата, СӨ Муниципальнай Тэриллиилэрин общественнай Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Иванович Ноев, Наука алын Академиятын научнай консультана, медицинскай наука доктора Айталина Семёновна Гольдерова, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ магистраннара кэлэн үлэлиэхтэрэ.