Орто Халымаҕа көҥүл өттүнэн дьоҥҥо көмөлөһөөччүлэр элбэхтэр

Кыһыҥҥы кэмҥэ куорат олохтоохторо Айылҕа барахсан маанылаан айбыт модун өрүһүн ыраас, дьэҥкир уутун иһээри, ким сатыы, ким тимир көлөнөн киирэн, бэлэм ойбонтон уу ылаллар. Ойбону Егор Николаевич Стручков алларан бэлэмниир.


Егор Николаевич 2002 сылтан 2012 сылга диэри Орто Халыматааҕы Айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччытынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Билигин кини төһө да бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор, уопсастыбаннай инспектор быһыытынан, тыыннаах айылҕаны араҥаччылааччылар эрээттэригэр эрэллээхтик киирэ сылдьар.

Кини баҕа өттүнэн кыһыҥҥы кэмҥэ хас сарсыарда аайы өрүскэ киирэн ойбон алларар. Куорат олохтоохторо туох да хааччаҕа суох ыраас, сибиэһэй ууну өрүстэн ылалларын хааччыйар. Итини ааһан, ойбон тулата куруук ыраас буоларын ситиһэр.

Онон, дойдуга биллэриллибит Көҥүл өттүнэн көмөлөһөөччү сылыгар кини дьарыга үтүө холобур быһыытынан, толору ааҕыллар кыахтаах.

This post was published on 06.02.2018 15:31 15:31