Орто Халымаҕа аһы-үөлү тиэйэн испит баржа тэстэн, бородуукталары атын суудунанан тиэрдиэхтэрэ. Саҥа суудуна Орто Халыма диэки айаҥҥа алтынньы 11 күнүгэр ОТ-2038 с. буксиры кытары турунуоҕа. Боппуруос бырабыыталыстыба хонтуруолугар турар.
Санатан эттэххэ, алтынньы 9 күнүгэр Орто Халыматааҕы судоходнай хампаанньа суудуната бородуукта тиэйэн истэҕинэ тэһэҕэс тахсан, Аллараа Халыма пордугар төннүбүтэ.
Таһаҕастаах контейнердары суудунаттан таһаардылар. Түргэнник буорту буолар бородуукталары Орто Халыма улууһугар бастакы уочарат тиэрдиэхтэрэ. Өрөспүүбүлүкэ тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрбиттэринэн, Орто Халыма-Черскэй-Орто Халыма хайысханан бөртөлүөт көтүтүөхтэрин сөп. Маныаха предпринимателлэр Черскэйгэ кэлэр таһаҕаһы харайарга көмөлөһүөхтэрин наада.
Ону тэҥэ «Якутоптторг» СК-2087 теплоходунан Орто Халымаҕа 267 туонна аһылыгы тиэрдэрэ биллэр. Бу тэрилтэ Хотугу муора суолунан Астраханьтан аҕалбыт таһаҕаһын сорҕото.
This post was published on 11.10.2022 11:03 11:03