Бастакы Хаҥалас нэһилиэгин «Түмэн» бэтэрээн түмсүүтэ Саҥа дьыллааҕы сынньалаҥ күннэрин үтүө хамсааһыҥҥа анаата.
Ол курдук анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарга «Сылаас кыһын» анал аахсыйа чэрчитинэн, сылаас таҥас-сап, туттар мал-сал, суунар тээбирин, эргэрбэт кураанах ас хомулунна, суруйда «Халыма долгуннара» хаһыат.
«Бэтэрээннэр күүстэринэн тэриллибит үтүө дьыалаҕа 50 кэриҥэ олохтоох кыттыыны ылла. Хомуллубут баһыылка салгыы Орто Халыма улууһун дьаһалтатыгар туттарыллыаҕа. Аахсыйаҕа кыттыбыт, кыайыыны чугаһаппыт, уолаттарбытын өйүүр, санааларын биллэрбит үтүө санаалаах дьоммутугар барҕа махталбытын биллэрэбит. Уолаттарбыт дьиэлэригэр, дьиэ кэргэттэригэр этэҥҥэ түргэнник кэлэллэрин күүтэбит», — диэн бэтэрээн Сэбиэтин салайааччыта Вера Николаевна Колесова махталын биллэрэр.
This post was published on 09.01.2024 17:01 17:01