"Орто дойду" зоопарка кырачаан үрүҥ эһэтигэр аат толкуйдааһыныгар куонкурус биллэрилиннэ

Экология министиэристибэтэ, «Орто Дойду» зоопарка уонна «Роснефть» хампаанньа Колыманалаах Ломоносов ахсынньыга күн сирин көрдөрбүт кыраларыгар аат толкуйдааһыҥҥа куонкурус биллэрдэ. Россия зоопаркаларыгар бу соҕотох саҥа төрөөбүт үрүҥ эһэ буолар.


Ким баҕалаах «Орто Дойду» зоопарка социальнай ситимнэригэр, «Роснефть» Instagram уонна «Вконтакте» официальнай сирэйигэр кырачаан үрүҥ эһэчээҥҥэ аат толкуйдаан ыытыан сөп. Куоластааһын түмүгүнэн бастыҥ аат талыллар.

Билигин зоопарка сабыллан турар. Кыра эһэчээни онлайн-трансляциянан интернеккэ көрүөххэ сөп. «Орто дойду» саайт нөҥүө үрүҥ эһэ бастакы хардыытын дьон кэтээн көрбүтэ. Кыһыны быһа кини арҕахха ийэтин кытта сыппыта.

Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-obyavlen-konkurs-na-vybor-imeni-dlya-belogo-medvezhonka-v-zooparke-orto-dojdu/

This post was published on 19.05.2020 15:28 15:28