«Орто Дойду» зоопаркаҕа кыыллар кыһыҥҥы иҥэмтиэлээх аһылыкка көстүлэр

«Орто Дойду» зоопарк кыыллара тымныыны араастык аһарыналлар: ким эрэ утуйар, ким эрэ сылаас вольерга көһөр, оттон сорох кыыллар уулуссаҕа кыстыыллар.

Тыйыс тымныыны көрсө зоопаркаҕа сылдьааччылар аҕыйыылар эрээри, син биир биирдиилээн көрүөн баҕалаахтар бааллар. Оннооҕор саамай тымныы да күннэргэ «Орто Дойду»  кураанах хаалбат, омук дьоно эрэ буолбакка, атын куорат, оройуоннар олохтоохторо тиийэ кэлэллэр.

Саха сирин экологиятыгар кэпсээбиттэринэн, аһаҕас халлаан анныгар табалар, бизоннар, саһыллар, бөрөлөр, тигрдэр уонна үрүҥ эһэлэр, ону таһынан сорох көтөр көрүҥнэрэ хаалаллар. Кинилэр тымныыны тулуйар кыахтаахтар. Ону таһынан, быдан иҥэмтиэлээхтик аһыахтара, анал бүрүө-хахха тутуохтара.

This post was published on 29.11.2022 14:05 14:05