Орто анал үөрэх кыһалара саҥа идэлэри арыйдылар

П.И.Дуткин аатынан Дьокуускайдааҕы сибээс уонна энергетика колледжа, Өлүөхүмэтээҕи, Жатайдааҕы техникумнар, Нерюнгритааҕы технологическай колледж, Дьокуускайдааҕы индустриальнай-педагогическай колледж уонна Алданнааҕы политехническай техникум быйыл устудьуоннары саҥа идэлэргэ күүтэллэр. Бу туһунан үөрэх министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 


Нерюнгритааҕы технологическай колледж «Оснащение средствами автоматизации технологических процессов и производств» уонна «Управление качеством продукции, процессов и услуг» идэлэри арыйарын туһунан иһитиннэрэр.

Өлүөхүмэтээҕи техникумҥа «ОДьКХ маастара» идэ арыллыбыт. Саҥа идэ ититии, сантехника, салгылатыы систиэмэлэрин таҥыыга, үлэлэтиигэ туһуламмыт.

Дьокуускайдааҕы индустриальнай-педагогическай колледж дефектоскопист идэтин арыйар. Бу промышленнай куттал суох буолуутун хааччыйар эйгэҕэ барытыгар наадалаах идэ.

Докуускайдааҕы инновационнай технология колледжыгар «Информационнай систиэмэлэр уонна программирование» диэн идэ арыллыбыт.

П.И.Дуткин аатынан Дьокуускайдааҕы сибээс уонна энергетика колледжа «Техническая эксплуатация транспортного радиоэлектронного оборудования (по видам транспорта)». Идэни баһылаабыттар «Техник» квалификациятын ылыахтара.

Алданнааҕы политехническай техникум 9 кылаас кэннэ «Лаборант по контролю качества сырья, реактивов, промежуточных продуктов, готовой продукции, отходов производства» диэн идэҕэ ыччаты ыҥырар.

Орто анал үөрэххэ туттарсыы бэс ыйын 20 күнүттэн атырдьах ыйын 25 күнүгэр диэри салҕанар. Сиһилии үөрэх тэрилтэлэрин саайтарыгар билсиэххэ сөп.

Ыстатыйаны толору манна аах https://ysia.ru/sistema-srednego-profobrazovaniya-yakutii-rasshiryaet-perechen-napravlenij-profpodgotovki/

This post was published on 22.07.2020 12:01 12:01