Ороссолуода суортуур учаастага оҕуруот аһын хото атыылыыр

Ороссолуодатааҕы суортуур учаастак үлэһиттэригэр мантан күһүн биир саамай түбүктээх үлэлэрэ ‒ оҕуруот аһын батарыы саҕаланна. Бу күннэргэ улууспут нэһилиэктэрин кэрийэ сылдьан атыыны-тутууну күүскэ ыыталлар. Ордук майалар кэтэһэллэр, улуустааҕы социальнай управление дьиэтин, ырыынак тастарыгар дьон үмүөрүһэ мустар.


Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Ороссолуодаҕа суортуур учаастакка сылдьыыбытыгар салайааччы Маргарита Антонова өлгөм үүнүүлээх, уурбут-туппут курдук көбүс-көнө эрээттэрдээх оҕуруотугар кэрийтэрэ сылдьан быйылгы үлэлэрин сиһилии кэпсээтэ. Кинилэр сыллата биэрэһи, помудуору, хортуоппуйу, хаппыыстаны, сүбүөкүлэни, оҕурсуну уонна моркуобу ыһаллар.

Быйыл сайын хортуоппуй 11 суордун үүннэрбиттэр. Ити суортартан «Любава», «Ольский», «Солнышко» диэн эрдэ ситэр көрүҥнэри ордорбутун эттэ. Түөрт суорт сүбүөкүлэттэн бөдөҥ астаах «Бордо» суорт үчүгэй, моркуобу 7 суордун барытын табыгастаахтар эбит диэн түмүккэ кэлбиттэр. Минньигэс биэрэскэ 4 суортан «Здоровье» диэни ордорбуттар. Кини өлгөмнүк астанарын уонна тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр ордук барсарын бэлиэтээбиттэр. Помудуорга 4-тэн «Нун» диэн суорт харайарга ордугун, «Либелла» «Феникс», «Гинга», «Парка», «Дездемона» диэн ааттаах оҕурсулар аһаҕас халлааҥҥа үүнэллэр эбит. Ол эрээри быйыл сайын тымныырҕатаннар, үүнүүлэрэ арыый эмэ бытаан эбит. Хаппыыстаҕа 6 суорду олордубуттар, атырдьах ыйын ортотуттан быһыыны саҕалаабыттар.

Суортуур учаастак үлэһиттэрэ, боруобаҕа диэн кабачогу, арбуһу уонна быйыл саҥа сүүрээн быһыытынан кукурузаны үүннэрбиттэрэ астанан үөрдүбүттэр. Кукуруза диэн аан дойдуга биһирэнэр минньигэс ас биһиги да дойдубутугар үчүгэйдик үүнүөн сөп эбит диэн түмүккэ кэлбиттэр.

Биһиги сылдьыбыт күммүтүгэр Маргарита Ильинична кини кэргэнэ, тырахтарыыс Эдуард Константинович Игнатьев буоланнар оҕуруоттарыгар түбүгүрэ сылдьаллара. Оҕуруокка Ефросинья Борисова, Сардаана Федорова, Евдокия Старостина, Маргарита Николаева сыыс ыраастааһыныгар, уоҕурдууга, тээпкэлээһиҥҥэ, уу кутуутугар үлэлээбиттэр.

Быйыл ордук үчүгэйдик хортуоппуй силигилээбит. Ыраахтан көрдөххө, кыһыллыҥы сибэккилэрэ баһаам элбэхтэр. Хаппыыстаҕа эмиэ куһаҕана суох дьыл үүммүт. Оҕуруотчуттар кэнники сылларга айылҕабыт тымныйан, атын оҕуруот аһын үүннэриигэ уустуктардаах буолан иһэр дэһэллэр. Ол да буоллар, доруобуйаҕа туохтааҕар даҕаны туһалаах, иҥэмтэлээх астарынан нэһилиэнньэни хааччыйар сыалтан ханнык да ыарахаттары аахсыбаттар, үүннэрбит астарын күннэтэ бүөбэйдэһэллэр, сүүрэллэр-көтөллөр.

This post was published on 23.08.2016 17:07 17:07