«Удаленкаҕа» үлэлээччилэр тустарынан федеральнай сокуон ылыллыытыгар Саха сириттэн киирбит этиилэр учуоттаннылар. Оройуоннааҕы коэффициент уонна «севернай» надбавка оннунан хааллылар. Ол туһунан үлэ министиэристибэтин пресс-сулууспата СИА-ҕа иһитиннэрэр.
Сокуон барыла Саха сиригэр былаас уоргаттарын, научнай үлэһиттэри, профсоюзтары, үлэни биэрээччилэри уонна предпринимателлэри кытта күүскэ дьүүллэһиллибитэ. Сүрүннээччинэн үлэ министиэристибэтэ буолбута.
«Ил Дархан пандемия кэмигэр үлэ саҥа киэбигэр болҕомто уурар. Ол иһигэр дистанционнай үлэ норматын олохтооһуҥҥа. Госдуумаҕа тэриллибит бөлөх Саха сириттэн тиийбит этиилэри учуоттаата. Билигин сокуонунан «хотугу» мэктиэ хаалла. Удаленкаҕа көһүү хамнаска охсуо суохтаах. Онон оройуоннааҕы коэффициеннар уонна «севернай» надбавка Саха сирин олохтоохторугар оннунан хааллылар. Бу биһиэхэ олус суолталаах дьаһал федеральнай киининэн өйөннө», — диэтэ тустаах миниистир Елена Волкова.
This post was published on 30.11.2020 18:01 18:01