Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын оркестрын артыыһа, “Кыл Саха” төрүт дорҕоон бөлөҕүн салайааччыта, Марк Николаевич Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһин уһуйааччыта, СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ култууратын туйгуна, Арассыыйа театральнай диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ, Саха сирин музыкальнай диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ Анна Ивановна Томская үбүлүөйдээх айар киэһэтэ толору сааланы мунньан, өрө көтөҕүүлээхтик, үрдүктэн-үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Өксөкүлээх аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр дьон тоҕуоруһа мустубут. Көрөөччүлэр истэригэр ускуустуба уонна култуура биллэр диэйэтэллэрэ, суруналыыстар, суруйааччылар, бэйиэттэр, бииргэ үөрэммит-алтыспыт үөлээннээхтэрэ, учууталлара, кэллиэгэлэрэ, муусука уһуйааччылара, биир дойдулаахтара, доҕотторо-атастара, аймах-билэ дьоно-сэргэтэ. Көрүдүөргэ Анна Ивановна элбэх хайысхалаах айар үлэтин көрдөрөр киэҥ ис хоһоонноох быыстапканы көрөөччүлэр умсугуйа билистилэр.
Анна Ивановна Амма улууһун, Бөтүҥ нэһилиэгэр тохсунньу 26 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Кини бастакы үбүлүөйүн укураат төрөөбүт күнүгэр улахан кэнсиэр тэрийэн киэҥник бэлиэтээтэ.
Үбүлүөйдээх кэнсиэр композитор Владимир Ксенофонтов скрипкаҕа анаан суруйбут “Поэма тойук” айымньытын Анна Ивановна кылыһах кырыымпаҕа көһөрөн оркестровкалаабыт айымньытынан арылынна. Бастакы нүөмэртэн саҕалаан көрөөччү сырдык, кэрэ, муусука үрдүк эйгэтигэр киирэн толорооччулары чугастык ылынна.
Пролог кэнниттэн сценаҕа култуура уонна духуобунас сайдыытын миниистэрэ Афанасий Иванович Ноев Анна Ивановна саха муусуката, төрүт дорҕооно сайдарыгар уһулуччу улахан кылааттааҕын бэлиэтээтэ, үбүлүөйдээх кэрэ бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ, айар үлэтэ өссө сайда, тэнийэ, улаата турарыгар баҕа санаатын биллэрдэ. СӨ судаарыстыбыннай сүбэһитэ Андрей Саввич Борисов Анна Ивановна элбэх хайысхалаах айар үлэтигэр үрдүк сыанабылы биэрдэ, инникитин туох баар тэрээһинигэр толору сааланы, элбэх үөрэнээччилэри, элбэх саҥа айымньылары диэн баҕа санаа маанытын анаата.
Улахан кэнсиэргэ Саха оркестрын доҕуһуолунан Анна композитор Василий Зырянов суруйбут «Туйаарыма Куо” муусука драматтан быһа тардыыны уонна оркестр сүрүн дирижера Николай Петров «Бэрт Хара» олоҥхо испэктээгиттэн “Ыһыах түһүлгэтэ” сюитаны кыл кылыһахха наһаа истиҥник толордо.
Анна аҕата Иван Корякин – Уйбаан Бөтүүнүскэй Саха сиригэр биллэр бэйиэт, суруйааччы, суруналыыс, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, “Ытык Аҕа” бэлиэ хаһаайына, Амма улууһун уонна Бөтүҥ нэһилиэгэ бочуоттаах олохтооҕо “Кыл Саха” дорҕоонун сөбүлээн оҕолоругар Аннаҕа уонна Афанасийга анаан “Хомус уонна кырыымпа” 2021 с. суруйбута. Умнуллубат кэрэ-бэлиэ күн бу хоһоону кыл струнаны тилиннэрбит-сөргүппүт-ыллаппыт, айылҕаттан айдарыылаах, “Кыл Саха” төрүт дорҕоон маастара уонна солиһа Руслан Габышев уонна Олоҥхо тыйаатырын муусукаана Вероника Лыткина ис дууһаларын ууран толордулар.
Дьон-сэргэ кутун-сүрүн туппут, билиниитин уонна билиниитин ылбыт “Кыл Саха” төрүт дорҕоон бөлөҕөр маастар уонна солист Руслан Габышев, Кыыл Уола аатынан тыйаатыр Оркестрын артыыстара — Анюта Иванова, Зоя Васильева, Вера Григорьева, Афанасий Федоров, Дьулустаан Никифоров, Максим Бордонскай, Афанасий Томскай, Олоҥхо театрын музыканнара Вероника Лыткина, Прокопий Сыроватскай, Айсен Кысылбаиков, Муусука кэллиэһин уһуйааччыта Артур Семенов-Тоҥ Саха уонна үбүлээр Анна Томская бэйэтин олоххо умнуллубат үбүлүөйүн түгэнигэр “Саха матыыптара”, “Манчаары” испэктээктэн быһа тардыыны, Мейирман Губайдуллаев “Саха кыз” айымньыны өрө көтөҕүүлээхтик ооннььоотулар. Ону таһынан үҥкүүһүттэр Саина Винокурова “Дэйбиирдээх үҥкүү» уонна Эдуард Жирков, Дьулуур Андреев, Семен Дьяконов “Вороной конь» үҥкүүлэри “Кыл Саха” доҕуһуолунан киһини долгутар гына толордулар. Көрөөччүлэр махтанан муҥура суох таһыннылар.
Уһуйааччы быһыытынан Анна Ивановна Марк Николаевич Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһигэр фольклор салаатыгар үлэлиир. Кини биир идэлээхтэрин кытары Варвара Степанова-Арчыыналыын, Надежда Варламова-Надиканныын, Артур Семенов-Тоҥ Саха буолан саха былыргы айымньыларын уона Марк Жирков “Киэһээҥҥи ырыа” айымньыны туох баар ыра санааларын, дууһаларын ууран туран толордулар.
Кэнсиэри премьернай нүөмэрдэр Владимир Ксенофонтов “Туймаада” импровизация – Анна Томская (кыл-кылыһах), Артур Семенов-Тоҥ Саха (хомус), Алла Заборовская (фортепиано) – төрүт дорҕоон уонна классическай үнүстүрүөннэр каллоборациялара сүрдээҕин киэргэттэ.
Анна Томская биир улахан, суолталаах үлэтинэн, хас да сыллаах үөрэтии-уһуйуу, толоруу үлэ түмүгэр тахсыбыт-суруллубут “Школа игры на якутском струнно-смычковом инструменте кылыһах-кырыымпа” методическай пособиета буолар. Билигин Фольклор салаатыгар эбии предметынан кылга оонньооһун үөрэниллэр, манна 3-4 курс оҕолоро уһуйуллаллар. Бу сылтан оҕолор бөлөх иһинэн оонньоон эрэллэр. Улахан кэнсиэргэ Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһин төрүт култуура толорор ньымаларыгар уһуйулла сылдьар устудьуоннар Владимир Ксенофонтов “Чуоҕайыма туундаралара” (Весна в тундре) айымньытын долгуйдаллар да бэрт ис киирбэхтик толордулар.
Анна Томская этноырыаһыттары, муусука оҥорор аранжировщиктары кытта ситимнээхтик үлэлиир. Анна кыл үлэтигэр киириитигэр доҕорун Александр Дьячковский-Саарыны сирдээн биэрбит киһинэн ааттыыр. Кини проектарыттан саҕалаан Руслан Прокопьевич Габышевтыын билсэн аан бастаан кыл үнүстүрүмүөнү илиитигэр туппута. Былырыын олунньуга Саарынныын биир дьикти үлэ оҥорбутун бүгүн хайаан да көрөөччүм истиэхтээх-билиэхтээх диэн доҕорун көрдөспүт. Антон Иванов “Добун” студиятыгар Анна соҕотоҕун хас да үнүстүрүмүөҥҥэ үрүт-үрдүгэр оонньоон, ону Саарын бэйэтэ хомуһунан киэргэтэн, Антон күпсүрдэри киллэрэн доҕуһуол-фонограмма буолан Арассыыйа Бастакы каналыгар тиийэ иһиллибит Христофор Максимов аатырбыт «Кырдал кыыһа» ырыата буолар. Саха мааны кылыһахтаах куоластаах СӨ үтүөлээх артыыһа Александр Дьячковскай-Ырыа Саарын “Кырдал кыыһа” уонна “Манна тыаҕа биһиэхэ” ырыалары сүргэтэ көтөҕүллэн, чаҕылхайдык ыллаата. Көрөөччүлэр махтананнар ытыстара кытарыар дылы таһыннылар. Элбэхтэ БРАВО, БРАВО, БРАВО диэн хаһытаатылар.
Анна олоҕун аргыһын кытары Афанасий Афанасьевичтыын иккиэн хас да айымньыны дуэттаан толороллор. Үөрүүлээх түгэҥҥэ кинилэр “Кыыс Амма” уонна композитор Захар Степанов “Раздумье” айымньыларын иэйиилээхтик оонньоотулар.
Анна, Афанасийдыын “Кыл Саха” бөлөх элбэх үҥкүү ансаамбылларын кытта тэҥҥэ айа-тута сылдьаллар, кинилэргэ доҕуһуол оҥороллор. Биир оннук, ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар бөлөҕүнэн буолар ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” Култуура киинин иһинэн айа-тута сылдьар Ньургун Индеев салайааччылаах “Уран” устудьуоннар үҥкүү бөлөҕө. Эдэр үҥкүүһүттэр барахсаттар “Кыл Саха” уонна Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһин уһуйааччыларын доҕуһуолларыгар “Кылыыҥкай” үҥкүүнү олус чэпчэктик, олус бэһиэлэйдик, үөрэ-көтө, эдэрдии эрчимнээхтик, кылыйан, өрө ыстанан үҥкүүлээтилэр.
Үбүлүөйдээх дьоро киэһэҕэ композитор Аркадий Самойлов “Ыһыах” айымньытын аан бастаан Оркестр артыыстара, “Кыл Саха” уонна “Кырыымпа” бөлөх (Мария уонна Василий Мохначевскайдар аатынан Бэрдьигэстээҕи муусука үнүстүрүмүөннэрин оҥорор мастырыскыай) стилизованнай кырыымпаларыгар ситиһиилээхтик толордулар.
Түмүккэ оркестр Аркадий Самойлов “Уруу” испэктээктэн “Нөрүөн нөргүй”, “Кыыс оонньуута”, “Кыыс санаата”, “Битии” хартыыналары толордо. Үбүлээр Анна Ивановна кылыгар солисткалаата, кини кылын тыаһа ыллаан-куойан куйаарга иһилиннэ.
Анна Ивановна бастакы үбүлүөйүнэн, үөрүүлээх күнүнэн Үҥкүү тыйаатырын дириэктэрэ Александр Алексеев, оркестр сүрүн дирижера Николай Петров, төрөөбүт дойдутуттан Амматтан баһылык солбуйааччыта Нюргуяна Илларионова, биир дойдулаахтара, бииргэ үлэлиир, алтыһар кэллиэгэлэрэ, доҕотторо-атастара, аймахтара эҕэрдэлээтилэр. Анна Ивановна тапталлаах Аммата сайдарын туһугар туох баар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар, ону махтананнар төрөөбүт Бөтүнүн салалтата Анна Ивановнаҕа Бөтүн ньэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕун үрдүк аатын иҥэрдэ. Үбүлүөйдээх дьоро киэһэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга түмүктэннэ. Баҕарабыт Анна Ивановнаҕа чөл туругу, кытаанах доруобуйаны, айар үлэтигэр үрдүк ситиһиилэри, баҕа санаата туола турарыгар, тус олоҕор, дьиэ кэргэнигэр дьолу-саргыны.
Ааптар: Вера Черноградская
This post was published on 29.01.2024 12:03 12:03