Дьокуускай куоракка Оренбургскай уобалас олохтоохторугар гуманитарнай көмө хомуура салҕанан барар. Кинилэр халаан уутугар эмсэҕэлээтилэр.
Бастакы 500 кг ыйааһыннаах таһаҕас «Якутия» авиахампаанньанан көттө.
«Аҕыйах хонуктаахха гуманитарнай көмө хомуурун саҕалаабыппыт. Дьон тута өйөөтө, көхтөөхтөр. Билигин бастакы партияны ыытабыт, сүрүн чааһа муус устар 15, 16, 17 күннэригэр буолуоҕа. Бу ыытыллыбыт тута миэстэтигэр тиийиэҕэ. Саха сирэ халаан уутун иэдээнин билэр. Сүрүннээн чаанньыктары, матараастары, утуйар таҥаһы, кэтэр таҥаһы аҕалаллар. Москваҕа тиийдэҕинэ салгыы логистика оҥоһуллан турар», — диэтэ Ил Түмэҥҥэ «Биир ньыгыл Россия» баартыйа фракциятын салайааччыта Алексей Колодезников.
Хомуур муус устар 17 күнүгэр диэри салҕанар, аадырыстара: Дьокуускай, Курашов аатынан уулусса, 24, 4 этээс, 405 кабинет.
Үлэлиир кэмнэрэ: 8 — 20 чаас. Билсэр төлөпүөҥҥүт: 8 (4112) 42-14-21.
This post was published on 15.04.2024 11:34 11:34