Опера ырыаһыта Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр култуура миниистирин солбуйааччынан ананна

СИА биллэрбиттэринэн, өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Егор Борисов СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтигэр кадрдары уларыппыт.


Бу иннинэ миниистири солбуйан олорбут Владислав Левочкин миниистири бастакы солбуйааччынан анаммыт.

Өссө биир солбуйааччынан СӨ Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырын солистката, Россия уонна Саха сирин үтүөлээх артистката  Марина Силина бигэргэтиллибит.

Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтата иһитиннэрбитинэн, официальнай ыйаах тохсунньу 17 күнүгэр тахсар.

Левочкин Владислав Валерьевич САССР Уус-Алдан оройуонун Бороҕон с. кулун тутар 20 күнүгэр 1979 с.төрөөбүт.

2000 с. 2003 сылга диэри — «Илин» сурунаал сыһыарыытыгар «Аргументы и факты» хаһыакка кэрэспэдьиэннээбит.

2003 с. 2008 сылга диэри — «Якутия» хаһыат экономикаҕа уонна социальнай боппуруоска, быраапка отделын кэрэспэдьиэнэ.

2005 с. М.К.Аммосов аатынан Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн суруналыыс идэтин ылар.

2008 — 2009 сс. — «Российская газета» СС филиалын кэрэспэдьиэнэ.

2009 — 2010 сс. — «Якутия» хаһыат экономикаҕа отделыгар ырытааччы быһыытынан үлэлиир.

2010 — 2011 сс. — М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Холбоһуктаах эрэдээксийэтин кылаабынай эрэдээктэрэ.

СӨ Ил Дарханын  2011 с. тохсунньу 6 күнүнээҕи 450 №-дээх ыйааҕынан СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччынан анаммыт.

Силина Марина Владимировна Дьокуускай куоракка бэс ыйын 21 күнүгэр 1969 сыллаахха төрөөбүт.

Сэттэтиттэн 2-с №-дээх уонна оҕо музыкальнай оскуолаларыгар фортепиано кылааһыгар үөрэммит. Муусука оскуолатын бүтэрэн баран, Дьокуускайдааҕы муусука училищетыгар фортепиано отделениетыгар үөрэнэ киирбит.

ДьМУ бүтэрэн баран, М.П.Мусоргскай аатынан Ураллааҕы судаарыстыбаннай консерваторияҕа ССРС норуот артыыската Вера Баева кылааһыгар үөрэммит. Консерватория кэнниттэн салгыы аспирантураҕа киирбит. Ону бүтэрэн баран СӨ Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар үлэҕэ ылыллыбыт.

1996 сыллаахха СӨ үтүөлээх артыыската, 2010 сыллаахха РФ үтүөлээх артыыската  ааттар иҥэриллибиттэр. «Новые имена» Бүтүн Россиятааҕы,  «Янтарный соловей» норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар лауреаттара.

This post was published on 17.01.2017 15:43 15:43