“Триумф” спортсменнары бэлэмниир кииҥҥэ MILSET Vostok Expo-Sciences чинчийэр үлэ быыстапкатын көрө тиийэн баран, Оонньуулар кыттыылаахтарыгар, олохтоохторго анаан маастар-кылаастары ыыталларыгар түбэһэ түстүм.
Кэпсэтэн билбитим, Намнааҕы педагогическай кэллиэс үлэһиттэрэ эбит. Туох да диэбит иһин, тарбахтарыгар талааннаах, айар-тутар дьоҕурдаах үлэһиттэрдээх, устудьуоннардаах кэллиэс. Быйыл саас Батсаабынан тарҕаммыт көрүөхтэн кэрэ көстүүлээх мас оҥоһуктар эмиэ бу кэллиэс үлэһиттэрин гиэнэ дии. Оттон бу сырыыга көрдөрүүгэ батаһыттан, быһаҕыттан саҕалаан сүүтүк саҕа сувенирыгар тиийэ аҕалбыттар. Итиэннэ кыттааччыларга, ыалдьыттарга анаан маастар-кылаастары ыыттылар. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, барыта Саха сиригэр сыһыаннаахтар уонна айылҕа матырыйаалларыттан оҥоһуллаллар.
Намнааҕы педагогическэй кэллиэс салаатын сэбиэдиссэйэ Анна Стручкова: “Бүгүн Интеллектуальнай оонньуулар чэрчилэринэн биһиги преподавателлэрбит араас тиэмэлэринэн маастар-кылаастары биэрдилэр. Холобура, харысхалы, кумааҕынан 3 D аккырыыкканы, кылынан хайдах сөрүө оҥорору үөрэттилэр. Ону тэҥэ устудьуоннарбыт үлэлэрин көрдөрдүбүт, атыыга туруордубут. Кэллиэспит иһинэн мастарыскыайга тимиринэн уһаналлар, быһах, батыйа оҥороллор, бүгүн быыстапкаҕа ону туруордубут.
Биһиги сувенирдарбытыттан мас оҥоһуктары сэҥээрдилэр. Ол курдук, “Сандалы” диэн ааттаах сувенирбыт мастан, туостан оҥоһуллубута (кыракый остуол, үрдүгэр сахалыы астар тэлгэммиттэр). Итини уонна талахтан оҥоһуллубут “Саха сирэ”, “Якутия” диэн суруктаах араас өҥнөөх харандаастары сэргээтилэр. Талах буолан сыта олус үчүгэй. Уонна туойтан чуорааннары атыыластылар. Бэлиэтээн эттэххэ, итинник чуорааннары, билиҥҥитэ биһиги кэллиэспитигэр эрэ оҥороллор. Ону таһынан кыргыттарга аналлаах түөскэ иилинэр, кэтиллэр киэргэллэри ыллылар. Кыра-кыралаан син атыыластылар”, — диэн кэпсиир.
Салгыы хараҕым хаартыскаҕа түһэр сахалыы зонаҕа хатана түһэр. Тустаах кэллиэс үлэһиттэрэ анаан-минээн сахалыы иһит-хомуос аҕалбыттар эбит. Үлэһиттэр бэйэлэрэ сахалыы таҥас кэтэн, тас дойдулартан кэлии ыалдьыттары, олохтоох даҕаны дьону кытта хаартыскаҕа түсүһэллэр.
This post was published on 11.07.2018 15:20 15:20