Оонньуу бэһис күнэ: дзюдоистары, чэпчэки атлетикалары уонна теннисистары наҕараадалаатылар

Дьокуускайга «Азия оҕолоро» бэһис күрэхтэһии күнүн чэрчитинэн кыайыылаахтары наҕараадалааһын буолла. Дзюдо, самбо, чэпчэки атлетика, уһуну ыстаныы уонна остуол тенниһин көрүҥнэрэ түмүктэннилэр.


Дзюдо

70 кг диэри кыһыл көмүс мэтээли Ангелина Курбатова (УФУо), «үрүҥү» Кристина Шогирадзе (СФУо) ыллылар, үсүһү икки спортсменка үллэһиннилэр – Арайлым Оразбай (Казахстан) уонна Юлия Аман (Саха сирэ).

78 кг диэри бастакы миэстэ Виктория Соколова (УФУо), иккис – Саха сириттэн Анастасия Бочкарева, «боруонса» Нергуй Ценгелчулуун (Монголия) уонна Ольга Лихота (Саха сирэ) тигистэ.

78 кг үөһэ Кристина Гурьянова (Саха сирэ) кыайда, иккис Сибиир дзюдоистката Зарина Кахорова буолла, боруонса мэтээли Софья Стрелкова (УИФУо) уонна Саптанат Оспанова Казахстантан ыллылар.

81 кг диэри бастакы миэстэ Захар Груздев Ураллааҕы федеральнай уокуруктан, иккис — Джахонгир Маджидов (Таджикистан), үсүһү — Избасар Ералиев (Казахстан) уонна Илья Калашников (СФУо) тигистэ.

90 кг диэри чемпионунан Кирилл Бондарь Москваттан буолла, үрүҥ көмүс призерунан Джафар Акбарли (Азербайджан) буолла, оттон «боруонсаны» Ян Родин (УФУо) уонна Данил Даниленко (УИФУо) ыллылар.

90 кг үөһэ Михаил Махиня (Москва) бастаата, иккиһи Анатолий Огуров (СФУо), үсүһү Алексей Синицын (УФУо) уонна Чиегунбаатар Натсагдорж (Монголия) үллэһиннилэр.

Чэпчэки атлетика

100 м дистанцияҕа кыргыттарга Шинг Чо Йен (Гонконг) бастаата, «үрүҥ көмүһүнэн» У И Лам (Гонконг) наҕараадаланна, «боруонсанан» – Хан Чжи Роу (Китай).

110 м уолаттарга кыһыл көмүс мэтээли Тимофей Батаев (СФУо) ылла, үрүҥ көмүс мэтээл Андрей Ворончукка (СФУо) кэтэрдилиннэ, боруонса Леонг Хой Ю (Гонконг) тигистэ.

800 м кыргыттарга бастыҥнарынан Лурис Данун (Сирия), Ольга Родиошкина (СФУо) уонна Анастасия Дудко (УИФУо) ааттаннылар.

800 м уолаттарга Эдгар Захаров (Казахстан) чемпионнаата, иккис миэстэ Николай Петров (Казахстан), үһүс Николай Калачиков (Саха сирэ) буоллулар.

2000 м «кыһылы» Екатерина Домнина (УФУо), «үрүҥү» Кей Пи Васанти Маристэла (Шри Ланка), «боруонсаны» София Врублевская (УИФУо) ыллылар.

Уолаттарга бу дистанцияҕа бастакы миэстэҕэ Саха сирин хамаандатын быһыйа Иван Аржаков таҕыста, иккискэ – Эдуард Джош Буенависта (Филиппины), үһүскэ Шри Ланкаттан Лаксан Супун Эканаеке.

Остуол тенниһэ

Соҕуруу Корея уонна Гонконг спортсменнара бу көрүҥҥэ тэҥнээхтэрин булбатылар.

Буккаас паараҕа кыһыл көмүс мэтээли Ву Хён Гю уонна Рю Ханна (Корея) ыллылар, үрүҥ көмүс призердарынан Енг Пуи Лам уонна Люнг Ка Ван (Гонконг), боруонсаларынан Чо Дэ Сонг уонна Чой Ха Ын (Корея) буоллулар.

Бастыҥ теннисисткаларынан Корея спортсменкалара Чой Ха Ын («кыһыл») уонна Рю Ханна («үрүҥ») ааттаннылар, боруонсанан Кытай теннисисткалара Сю Ю уонна Хан Жуйа бэлиэтэннилэр.

Уолаттарга бастакы миэстэни Ву Хён Гю (Корея), иккиһи Чо Дэ Сонг (Корея), үсүһү Ши Зинкай уонна Джан Тхьенхан (КНР) үллэһиннилэр.

This post was published on 12.07.2016 18:13 18:13