«Оонньоммотох оруолларга»… 34 саха устудьуонун дьылҕата көстөр. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии буоларын ким да билбэтэ. Ыра санаа, ыраас таптал. Саха сириттэн эдэр оҕолор Ленинградка А.Н. Островскай аатынан театральнай институкка үөрэнэ аттаналлар.
Саха сириттэн Ленинградка аан бастаан тиийбит оҕолор: «Оруобуна биир ыйы быьа айаннаан, остуоруйа курдук дойдуга тиийэн кэлбиппит», — диэн суруйбуттарын кэлиҥҥи ахтыылартан билэбит.
1941 сыл саха оҕолоругар ураты охсуулаах буолбута. Уолаттар бары сэриигэ барбыттара. Дойдуларыгар төннөр кыаҕа суох кыргыттар Ленинград куораты бөҕөргөтүүгэ үлэлээбиттэрэ.
Бу туһунан оччотооҕу куурус маастара Евгения Лепковская «Цветы на холодном снегу» уонна устудьуоннаабыт Исай Попов «Оонньоммотох оруоллар» ахтыыларын суруйбуттара. Тыйаатыр сылыгар Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство коллеһын устудьуоннара Санкт-Петербург куоракка айымньыны көрөөччүлэр иннилэригэр толордулар.
Толоруулара дэгиттэрин ааһан, уу сахалыы, биир да сыыс тыла суох. Икки чаастан ордук көрөөччү болҕомтотун туппуттарын бэркэ сөбүлээтибит, астынныбыт.
Режиссер Захар Никитиҥҥэ, инсценировканы туруорбут Мария Боппоеноваҕа уонна, биллэн турар, эдэр, кэскиллээх, талааннаах оҕолорбутугар махталбытын тириэрдэбит.
Ааптар: Анфиса Слепцова, Санкт-Петербург