Былырыыҥҥыттан үлэлиир «Онкопоиск» бырайыакка уопсайа 62 тыһыынчаттан тахса киһи кытынна. Итинтэн 32 киһиэхэ онкология баара билиннэ.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан кылаабынай онколога Феодосия Иванова Якутия 24 ханаалга «ОНКОПОИСКСАХА.РФ» рак ыарыытын алта сүрүн көрүҥэр – тыҥа, быар, эмиий, оһоҕос, матка, эр киһи ууһуур уорганыгар чинчийии ыытарын иһитиннэрдэ.
Быраас ити ыарыылар өрөспүүбүлүкэҕэ өлүү 50,5% ылалларын эттэ.
Тургутугу ааһыан баҕалаах бастаан саайтка регистрация ааһан, кэккэ боппуруостарга эппиэттиир. Өскөтүн анкета ыарыы сибикитэ баарын быһаардаҕына, ыарыһаҕы онкодиспансерга босхо диагностикаҕа ыҥыраллар.
Феодосия Иванова онкология ыарыыларын утары охсуһуу бырагырааматын чэрчитинэн 2019 сылтан амбулаторнай-онкологическай көмө кииннэр аһыллалларын эттэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 13 киин — Мэҥэ-Хаҥалас, Хаҥалас, Бүлүү, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Мииринэй, Нерюнгри, Алдан, Ньурба улуустарыгар, Дьокуускай куоратыгар аһыллыбыттар. Быйыл эбии Аммаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ аһыллаллара былааннанар.
This post was published on 11.02.2021 11:03 11:03