Онкология диспансера эрдэ үлэҕэ киириэ

2019 сыллаахтан тутуллар өрөспүүбүлүкэтээҕи онкология диспансера былааннаммытыттан эрдэ тутуллан, эһиил сыл бүтүүтэ үлэҕэ киирэр туруктаах. «Адгезия» тутар хампаанньа дириэктэрэ Михаил Охлопков үлэ 70% бүппүтүн этэр.


Онкология диспансера биир симиэнэҕэ 210 киһи сылдьарыгар, 180 киһи сытан эмтэнэригэр суоттаммыт. Эбийиэккэ «Кинг — 95» уонна «Адгезия» тутуу тэрилтэлэрэ үлэлии сылдьаллар.

Онкология диспансера улахан социальнай суолталааҕынан Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба үлэ хаамыытын тэтимирдэри, балыыһаны былааннаммытыттан эрдэ киллэрэри эппиттэр.

«Үлэ кыраапыга сыҕарытыллан, билигин ол быһыытынан үлэлии сылдьабыт. Былаантан хаалыы суох. Дьиэ көҥдөйө туран, тас бараанын оҥоро сылдьабыт, ис өттүгэр инженернай ситимнэри 40-50% тардан бүтэрдибит. Халлаан сылыйан ситэрии, тупсарыы үлэлэрин саҕалаатыбыт. Билигин эбийиэккэ сүүсчэ киһи үлэлии сылдьар», — диир Михаил Охлопков.

Уустук инженернай ситимнээх дьиэ иэнэ 25 тыһ. квадратнай миэтэрэ. Бу сайын ититии ситимэ холбонуо, дьиэ ис-тас өттүн ситэриэхтэрэ, кыһын анал тэриллэри таҥыахтара.

This post was published on 20.05.2021 15:02 15:02